Чааһынай дьиэни тутууга уларыйыы киирэрэ былааннанар
“Судаарыстыбаннай өйөбүл” чэпчэтиилээх ипотека бэс ыйынан түмүктэнэр диэн дьиэ туттуон, кыбартыыра атыылаһыан баҕалаах дьоҥҥо ыксал кэм турар. Кыайан баттаһан киирбэккэ хаалбыт дьон, туох уларыйыы буолуой диэн сураҕы-садьыгы кэтэһэллэр. Билиҥҥитэ маннык уларыйыы буолуо диэн быһаччы эппэттэр гынан баран, кыра-кыралаан иһитиннэрии син биир барар.
ВЦИОМ дааннайынан, Арассыыйа нэһилиэнньэтин 80%-на бас билэр дьиэлэниэн баҕарар, ол иһин былаастар чуолаан ИЖС-ка киирэр саҥа чэпчэтиилээх бырагырааманы үөрэтэллэр. Өскөтө ол бырагырааманы ылыннахтарына, чааһынай дьиэни атыылаһарга уонна туттарга ырыынактан намыһах ставканан кирэдьиит харчытын ылыаҥ.
Ипотечнай бырагыраама хайдах буолуой?
“Кини усулуобуйата “Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” маарынныыр буолуо диир, — НОСТРОЙ вице-бэрэсидьиэнэ Антон Мороз. — Билиҥҥитэ бырагыраама усулуобуйата чуолкайдана илик, министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри кытта дьүүллэһии бара турар. ИЖС ипотекатын ылар дьон көмүскэллээх буолалларын курдук, эскроу-счет тиһигин киллэрии сыыйа барыа. Маннык ньыма элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутааччыларга киэҥник тарҕанан турар”.
Дом.РФ сабаҕалыырынан, ИЖС-ка ипотека кирэдьиитэ дьоҥҥо кыаллымтыа буоларын туһугар, бастакытынан аҕыйах этээстээх комплекстарга өлүүлэһэн кыттыы дуогабарын оҥорсон тутааччыттан дьиэни атыылаһыахха сөп. Иккиһинэн, киһи бэйэтин учаастагар дуогабар түһэрсэн, эскроу-счету туһанан дьиэни туттарар. Дом.рф Генеральнай дириэктэрэ Алексей Ниденс этэринэн, бу саҥа ипотека тутуһар сүрүн бэлиэлэрэ судаарыстыбаннай бүддьүөт бу бырагыраамаҕа төһө сууманы көрөрүттэн тутулуктаах. Чааһынай дьиэни тутуу туспа ипотечнай бырагыраамаланнаҕына, дьон наадыйыыта да толуйулларыгар, салаа сайдарыгар да көдьүүстээх буолуо этэ, диир кини.
Эскроу-счет диэн тугуй? Дьиэни туттаргар кирэдьиит ылбыт харчыҥ баан анал счетугар бэдэрээтчит дьиэни тутан бүтэриэр диэри сытар. Дьиэни баан биэрбит кирэдьиитигэр туталлар. Дьиэ туттарар дьоҥҥо чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа кирэдьиит бэриллиэн сөп.
Саҥа сокуон киирдэҕинэ, куорат тас өттүгэр дьиэ туттар дьон быдан көмүскэллээх буолууһулар. Өскөтө бэдэрээтчити кытта дуогабар көтүллэр түгэнигэр, дьиэ тутуутугар угуллубут ийэ хапытаала Арассыыйа социальнай фондатыгар төннөр кыахтанар. Оттон бэдэрээтчит бэйэтигэр ылыммыт эбэһээтилистибэтин толорботох буоллаҕына, дьиэ атыылаһааччы эскроу-счеттан харчытын да, ийэ хапытаалын да эмиэ төннөрөр кыахтанар.
Онон сокуоҥҥа биир уларыйыы быһыытынан аҕыйах этээстээх тутууга эскроу-счет киириитэ ылыллаары турар быһыылаах. Ол эрээри сорохтор саҥа сокуонунан үп-харчы барыта баан нөҥүө эргийэр буоллаҕына, тутуу матырыйаалын билэр киһигиттэн чэпчэки сыанаҕа атыылаһарыҥ кыаллыа суох дуу диэн дьиксинэллэр. Иккиһинэн, дьиэ сыаната ыарыыр: туох баар эбии ороскуот барыта дьиэ сыанатыгар киллэриллэр, оччотугар дьиэҥ сыаната 20–30%-ҥа диэри үрдүөн сөп. Үсүһүнэн, бүддьүөккэр хапсар туһугар дьиэҥ иэнин аччатаргар тиийэҕин. Эскроу-счет тиһигэ бытааннык киириэ, ол эрээри кэлин бары онно киирэллэрэ ирдэниэ. Эскроу киириитэ дьиэ тутуутун чэпчэтиэ суоҕа итиэннэ бастакы угуута (ПВ) суох кирэдьиит бэриллиитэ уустугуруо, диэн этэллэр.
Хамсаабат баай-дуол тула тохтообот мөккүөр
От ыйын 1 күнүттэн Киин баан ипотекаҕа макропруденциальнай лимиити киллэрэргэ көҥүл ылыан сөп. Ол эбэтэр кирэдьиити төлүүргэ ыйдааҕы дохуотуҥ улахан аҥаара барар туруктаах буоллаҕына, саҥа уонна тутулла турар дьиэлэргэ ипотеканы биэрии хааччахтанар.
Бааннар үрдүк ставкаларын тутан турдахтарына, чахчы да кирэдьиит ылар уустугурар. Ырытааччылар билгэлииллэринэн, ключевой ставка быйыл намтыыра саарбах, билиҥҥитэ 2023 сыл ахсынньытыттан 16%-ҥа тутуллан турар. Бааннар ключевой ставка от ыйын 26 күнүгэр үрдүөн сөп диэн, ипотекаҕа базовай ставкаларын үрдэтэ тураллар.
Чэпчэтиилээх ипотека тохтоотоҕуна, саҥа дьиэ сыаната үрдүүрэ арыый бытаарыан сөп, ол эрээри түһэ охсуо суоҕа. Ол түмүгэр “вторичное жилье” дэнэр кыра сыаналаах кыбартыыраҕа эбэтэр чааһынай дьиэҕэ наадыйыы үрдүө дииллэр. Ол эрээри иккистээн атыыланар дьиэ ставката үрдүгүнэн атыыга барара хааччахтыан сөп.
Ол быыһыгар, Бырабыы-талыстыба чэпчэтиилээх ИТ-ипотекаттан Москваны уонна Санкт-Петербуру таһаарар туһунан толкуйдуур. Ону кытта эрэгийиэннэр чэпчэтиилээх ипотеканан туһаналларын курдук хамнас алын кээмэйин үрдэтэр туһунан дьүүллэһэллэр. Хата бу сөп быһаарыы буолуох курдук эбит.
Санаа
Сергей Зайцев, “Этажи” хампаанньа атыыга департаменын дириэктэрэ:
— 2024 сыл иккис аҥаарыгар кыбартыыра сыаната оннунан хаалыаҕа, оттон куорат таһынааҕы чааһынай дьиэ уонна куортам сыаната үрдүү туруо. Билигин хамсаабат баай-дуол ырыынагар туох буоларын, биллэн турар, чэпчэтиилээх ипотека тохтотуллубута быһаарар. Ол курдук кирэдьиит биэрээччилэр саҥа усулуобуйаҕа үөрэниэхтэригэр диэри бириэмэ наада, онон туох да улахан хамсааһын буолуо суоҕа.
“Вторичнай” ырыынакка атыылаһааччыны намыһах сыананан буолбакка, дисконт биэрэ сатаан былдьаһыахтара, оттон саҥа дьиэҕэ атыылаһааччылары — болдьохторунан бысталаан төлөөһүнүнэн уонна бастакы угууга субсидирование оҥорон. Сыана хайдах турбутунан хаалыа. Уһун болдьоххо инфляция бэрээдэгинэн үрдээн иһиэ. Сыл түмүгүнэн “вторичка” дьиэ сыаната уларыйыа суоҕа, саҥа дьиэ кыбартыыралара 8%, куорат таһынааҕы чааһынай дьиэ — 24%, куортам –19% үрдүөхтэрэ. Ипотеканы биэрии таҥнары түһүө, өскөтө 2023 сылга 2 мөл. кирэдьиит бэриллибит буоллаҕына, 2024 с. 1,5 мөл. буолуо. Ол эрээри Киин баан бэлиитикэтин сымнаттаҕына, ырыынак чөлүгэр түһэн барыа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: