Чааһынай оптуобустар маршруттарын уларытыы төрүөтэ
Куорат оптуобустарын сырыытын кыс ортото уларытыы — мээри кытта көрсүһүүгэ биир сытыы боппуруоһунан буолла. Бу туһунан «Эхо столицы» хаһыат эрэдээктэрэ Алексей Толстяков ыйытта.
«Оптуобус сырыытын тупсарыы, тиэхиньикэни саҥардыы үлэтин 2022 сылтан ыытабыт. Киин куоракка 400 ПАЗ оптуобус үлэлиирэ. Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр дьон дьиэттэн тахсара бобуллан, оптуобустар олох да тохтоон хааларга күһэллибиттэрэ. Аны миграционнай сокуон киирэн, суоппар ахсаана биллэ аҕыйаабыта.
90-с сыллартан куорат уулуссаларынан сүрүннээн чааһынай оптуобустар сылдьаллар. Онон кинилэр талбыттарынан сылдьар буолбуттара чахчы. Ол түмүгэр ханнык эрэ маршрут суоппардара атын маршруттардааҕар 4 төгүл улахан хамнастаахтар, сорохтор дохуоттара оччонон намыһах буолара чаастатык көстөрө. Ол түмүгэр, 8-с уонна уонна 1-кы нүөмэрдээх оптуобустар маршруттара тохтуурга күһэллибиттэрэ. 25-с уонна 15-с оптуобустарга куорат кытыытыгар аҕыйах пассажирдаах буолан, маршруттар сырыылара эмиэ аччаабыта. Оптуобус сырыыта биир чааһынан араастаһар этэ. Өскөтүн бу көстүүнү төрдүттэн уларыппатахпытына, Хатыҥ Үрэх дьоно кыһыҥҥы кэмҥэ оптуобус тохтобулларыгар сырыыны кэтэһэн, хаайтаран туран хаалар кутталламмыттара. Ол иһин ити икки маршруту холбоон, 12-с маршрут оҥорбуппут» , — диэн оптуобустар хайысхалара уларыйыыларын төрүөтүн быһаарда куорат мээрэ Евгений Григорьев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: