Чааһынай тэрилтэлэр тас дойду дьонуттан нуучча тылыгар эксээмэни туппат буолуохтара

Share

Ыам ыйын 1 күнүттэн чааһынай тэрилтэлэр тас дойду дьонуттан нуучча тылыгар эксээмэни туппат буолуохтара. Бу туһунан РФ Билимин уонна үрдүк үөрэҕин миниистирэ Валерий Фальков дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларын ректордарын кытта ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрбитэ.

Мунньахха нуучча тылын омук тылын быһыытынан эксээмэнин, Арассыыйа устуоруйатын,  сууту-сокуону ырыппыттара.

Ол иннинэ Билими уонна үөрэҕи кэтээн көрөр федеральнай сулууспа тас дойду дьонугар ыытыллар эксээмэҥҥэ булгуччулаах ирдэбил кэһиллиилээх барарынан сибээстээн, биэс үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр (РУДН, СПбГУ, Пушкин аатынан нуучча тылын института, Герцен аатынан РГПУ, Псковскай судаарыстыбаннай университет) сэрэтии таһаарбыта.

Онон сибээстээн, Билим уонна үрдүк үөрэх миниистирэ эксээмэн ыытыллар хаачыстыбатын хонтуруолун күүһүрдэргэ туһаайыллыбыт кэккэ сорудахтары биэрбитэ:

  1. Үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ 2024 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри, эрдэ эксээмэни тэрийиигэ кыттыбыт бары бииргэ үлэлэһэр кэмиэрчэскэй тэрилтэлэри таһаарыахтаахтар. Кинилэр эксээмэни ыытыы уонна сэртипикээттэри толоруу үлэтигэр кыттыа суохтаахтар.
  2. Эрэгийиэннэр, бастатан туран, судаарыстыбаннай үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин кытта дуогабар түһэрсиэхтээхтэр: хас биирдии субъекка эксээмэн ыытыллыытыгар чопчу олохтоох университет эппиэттиэхтээх.
  3. Эксээмэн хаамыытын уонна сэртипикээт бэриллиитин хонтуруолун күүһүрдүөхтээхтэр. Кэһиллии таҕыстаҕына тута быраабы араҥаччылыыр уорганнарга иһитиннэриэхтээхтэр, онтон кэһиини таһаарбыт дьон үлэтиттэн ууратыллыахтаах.

“Эксээмэн ыытыллыытын уонна сэртипикээт бэриллиитин тус эппиэтинэһэ быһаччы эһиэхэ сүктэриллэр”, – диэн Валерий Фальков ректордарга туһаайан эппитэ.

Эксээмэн сэртипикээтэ туохха ирдэнэр?  Бу Арассыыйа сиригэр араас көҥүллүүр докумуоннары ыларга булгуччулаах усулуобуйанан буолар, ол иһигэр: үлэҕэ киирэргэ көҥүл ыларга; Арассыыйаҕа быстах кэмҥэ олорорго.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago