Быйыл Бүлүү улууһун 1 Күүлэт нэһилиэгэр “1 Күүлэт” кэпэрэтиип тэриллибитэ 25 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт “Чачаҥда илгэлээх туонатыгар” диэн кинигэ күн сирин көрдө. Үлэһит дьон өбүгэлэриттэн илдьэ кэлбит үөрүйэхтэрин өрө тутан, салайааччыларын тула түмсэн, ыччаттарын үлэҕэ уһуйан, харыларын күүһүнэн тэрилтэлэрин бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарбыттарын туһунан кэпсэнэр. Кинигэ төрүт дьарык, үлэ эрэ киһини киһи оҥорорун, сайдыыга тиэрдэрин туһунан сүрүн сыалы тутуспут.
“Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр күүлэттэр хаһаайыстыбаларын тутан, 1999 с. производственнай кэпэрэтииби тэрийэн, күн бүгүҥҥэ диэри таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Тосту уларыйыы, дойдуга кириисиһин кэмигэр биһиги нэһилиэкпитигэр тэриллиилээх хаһаайыстыбаны тутан хаалан, дьон-сэргэ бэйэтин төрүт дьарыгынан, үгэһинэн сүөһүтүн көрөн олорор буолан, тулхадыйбакка, эбиитин өссө өрөйөн-чөрөйөн, тыа хаһаайыстыбатыгар билиҥҥи ырыынак кэмигэр саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ”, — диэн кинигэ аан тылыгар тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, айылҕа үөрэҕин академиятын академига, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ Константин Степанов суруйар.
1993 сыллаахха “Күүлэт” сопхуос ыһыллыытыгар дьон-сэргэ дириҥник толкуйдаан, сылгыны, сүөһүнү, тиэхиньикэни кэтэх бас билиигэ тарҕаппакка, ыспакка сабыылаах акциялаах уопсастыба тэрийбитин, онтон салгыы 1999 с. производственнай кэпэрэтиип тэриллибитин туһунан СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна Виктория Батюшкина кэпсээбит. Бэрэссэдээтэлинэн үлэни дириҥник баһылаабыт олохтоох киһи Иванов Николай Иванович талыллан, үрдүк көрдөрүүлээх үлэҕэ туруммуттар.
“I Күүлэт” кэпэрэтиип сайдар
Билигин “1 Күүлэт” производственнай кэпэрэтииби СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Елена Петровна Тутукарова салайар. Кинигэттэн көрдөххө, бу кэпэрэтиип үлэтиттэн киһи элбэххэ үөрэниэн сөп. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын салаата табан үлэлээтэххэ, дохуоттаах буоларын көрдөрбүт. Маныаха кэпэрэтиип Чачаҥда сайылыгар иккис тыыны биэрбитэ үтүө холобурунан буолар. Ыанньыксыттар олорор 12 дьиэлээх, уоттаах, интэриниэттэх, оҕо оонньуур былаһааккалаах сайылык, сылгы базата үлэҕэ киирэн дьоҥҥо үлэлиир усулуобуйа бэркэ тэриллибитин туһунан киһи үөрэ ааҕар.
Елена Тутукарова Эдьиий Дора Күүлэккэ кэлэ сылдьан, нэһилиэк дьонун мунньан көрсүһүү оҥорбутугар бу тэрилтэ сайдыаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллиэҕэ диэн арчылаан, араҥаччылаан, биһиги сайыннахпыт диэн киниэхэ дириҥник махтанар. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччынан үлэлээбит Татьяна Матвеевна Осипова санаа атастаһыылаах тэрээһиннэрэ көмөлөспүтүн, Бүлүүгэ Раиса уонна Петр Яковлевтар суол хаайтарытыын кэмигэр кэпэрэтиип бары кыһалҕаларынан сүүрбүттэрин-көппүттэрин, атын чугас дьонун, дьүөгэлэрин көмөлөрүн дьаһаллаах салайааччы Елена Петровна умнубат, бэрт истиҥ тылынан ахтыбыт. Кэпэрэтиип үлэһит дьону умсугутар усулуобуйаларын туһунан кэпсээһин билиҥҥи салайааччыларга туһалаах буолуон сөп. Ол курдук, окко былаанын толорон, бастаабыт биригээдэлэргэ убаһа, тыһаҕас, харчынан бириэмийэ бэриллэр. Ыанньыксыттар былааннарын толороллоругар диэн матасыыкыл пуондата, дьааһык арыы эҥин бэриллэр эбит. Сайылык кэмин түөрт ыйыгар түөрт тыһаҕаһы идэһэ оҥостон, тэрилтэ суотугар сиэтэллэрэ эмиэ бэртээхэй дьаһал. Ону сэргэ үлэһит өрө тутуллуохтаах диэн өйдөбүлүнэн үлэһиттэри бочуоттуурга болҕомто ууруллубут. Ити курдук, тэрилтэ сайдарын туһугар үлэһити өрө тутууга ураты болҕомто ууруллубута олус хайҕаллаах.
Кэпэрэтиип нэһилиэк олоҕор суолталаах эбит. Нэһилиэк сүөһүлээх-астаах ыаллара үксэ кэпэрэтиипкэ үлэлиир буоланнар, кэпэрэтиип тыраахтарын уонна пилораматын нэһилиэк дьонугар 50 быр. чэпчэтиилээх туһаннаралларын эҥин туһунан кинигэҕэ олус сиһилии суруллубут.
Сайылык ахтылҕана
Кинигэҕэ түмсүү остуоруйатын, кэпэрэтиип үйэ чиэппэрэ кэмҥэ үлэтин-хамнаһын туһунан ааҕыахха сөп. Ону тэҥэ кинигэ сүрүн сыалын тутуһан үлэ киһитин үйэтитэр интэриэһинэй ахтыылара тахсыбыттар. Чачаҥда сайылыгар хайдах курдук үчүгэйдик сайылаабыттарын туһунан оччотооҕу оҕолор бу баар курдук ойуулаан кэпсээбиттэр. Мария Семенова (Егорова) ийэтэ Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмытын, дьааһык муҥунан Бочуотунай грамоталары уура сылдьааччы диэн ахтарын курдук, оччотооҕу үлэһиттэр бары даҕаны итинник таһаарыылаахтык үлэлээтэхтэрэ. Кинилэр үгүстэрин ахтыыларын “Сайылык ахтылҕана” диэн ааттыахха сөп. Ньургустана Семенова: Чачаҥда сайылык диэн олус күндү, өйбүтүгэр-санаабытыгар мэлдьи илдьэ сылдьыбыт, үтүөтүн-кэрэтин иҥэриммит дойдубут. Манна ынах ыан, оттоон, сир астаан, оһоххо хардаҕас, мас тачыгыраччы умайар тыаһын истэн, ыаммытынан үүт, сэппэрээтэртэн сүүрдүллүбүтүнэн сүөгэй, субу буһан тахсыбыт лэппиэскэ, сылабаар чэйин иһэн, бу олох дьиктитин-кэрэтин кэрэхсээн улааппыппыт”, — диэн суруйарын курдук, олус истиҥ айылгылаах кинигэ буолбут.
Ааптар – Николай Крылов
“Чачаҥда илгэлээх туонатыгар” кинигэни өрөспүүбүлүкэ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, “100 лет Союзу журналистов России” мэтээлинэн, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун “Честь, достоинство, профессионализм” диэн үрдүкү бэлиэтинэн, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт, Бүлүү улууһун, Бүлүү куоратын уонна Чинэкэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуотун кинигэтигэр киллэриллибит Николай Александрович Крылов түмүк тылыгар бэлиэтээбитин курдук, олус истиҥ кинигэ буолбут. “Сайдыы суолун тутуһан иһиҥ” — диэн 1992-1994 сс. улуус бастакы баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Юрий Михайлов алгыстаах тылларын курдук, кэпэрэтиип өссө сайдыа диэн эрэнэбит.
Хаартыска: С.Львова түһэриитэ
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…