Чаҕыл Чикачев: «Билиҥҥи салалтаны кытары өссө да күүскэ үлэлиэхпит»

Share

Саха сирин улуустарыгар «Якутлесресурс» тэрилтэ филиаллара тэриллэн, судаарыстыбаннай сорудаҕынан ойууру саҥардар, харыстыыр, араҥаччылыыр үлэни ыыталлар. Кэнники сылларга бары өттүнэн тэрилтэ филиаллара хааччыллыбыттар. Бүгүн биһиги Дьокуускайдааҕы филиал туһунан дириэктэр Чаҕыл Чикачеву кытары кэпсэттибит.  

Дьокуускайдааҕы филиал

– Биһиги филиалбыт судаа­рыстыба сорудаҕын толоруу чэрчитинэн, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун хааччы­йабыт, ойуур баһаарын умуруо­рууга кыттабыт, ойуур хаһаа­йыстыбатын үлэлэрин ыытабыт. Мин ГАУ «Лесресурс» тэрилтэҕэ 2008 сыллаахтан үлэлиибин. Дьокуускайдааҕы филиал 2015 с. тэриллибитэ, ол иннинэ туспа тэрилтэ быһыытынан үлэлээбэт этэ. Филиал штатынан 36 үлэһиттээх, тырахтарыыстар, суоппардар, ойуур баһаарынайдара бааллар.

Биллэн турар, сүрүннээн ойууру баһаартан харыстыыр үлэлэри ыытабыт. Үксүн биһиги оройуоннар икки ардылары­нааҕы баһаардарга сылдьабыт. Үлэһиттэрбит саас баран-баран хаар түһүүтэ биирдэ кэлэл­лэр. Сайынын куорат сирин-­уотун көрөргө, дьуһуурустубаҕа филиалга биир бөлөҕү хаалларабыт уонна барыларын улуус­тарынан ыытабыт.

Этэн аһарбытым курдук, судаарыстыба сорудаҕын толоробут. Судаарыстыба сорудаҕын туолуута бы­­лаан быһыытынан баран иһэр. Кыбаарталынан арааран, үлэ барар. Билигин сир тоҥмутун кэннэ ыытыллар үлэлэр хааллылар. Баһаар сезона ааспытын кэннэ бырасыака солооһуна, өртөөһүн, о.д.а. үлэлэр ыытыллаллар. Үлэһиттэрбит баһаартан күһүн кэллэхтэринэ, бу үлэлэри ситэриэхпит.

Тиэхиньикэнэн хааччыллыы

– Урукку сылларга саҥа тиэхиньикэни атыылаһыы, хааччыллыы суоҕун кэриэтэ этэ. Бу кэлиҥ­ҥи  икки сылга тиэхиньи­кэнэн хааччыллыы күүскэ барда. Тиэхиньикэлэрбитин «Эко­логия» нацбырайыагынан ыллыбыт. Араас массыыналары: «КамАЗ», бортобуой итиэн­нэ вахтовка «КамАЗ»-тары, «ПАЗ» оптуобуһу, «УАЗ»-игы, бульдозеры, плугтаах тыраахтары ыллыбыт. Саамай эргэ массыынабыт 2019 сыл­лаах, онтон атына барыта сабыс саҥа. Маннык саҥа тиэхиньикэнэн хааччыллыбыппытыгар Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка улаханнык махтанабыт.

Тиэхиньикэлээх буоллахха, үлэ даҕаны чэпчиир, көдьүүһэ улаатар, онон сөптөөхтүк хааччыллан олоробут.

Эбии үлэ

– Хамнаспыт бүтүннүү бүддьүөттэн көрүллүбэт, онон атын үлэлэри толорон эбинэбит. Ол иһин Дьокуускайдааҕы фи­­лиал бөдөҥ эбийиэктэргэ, холобур, ГРЭС-2-н Табаҕаҕа диэри барар бырасыаканы солуур өҥөнү оҥорбута. Онтубут 63 м кэтиттээх, 12 км усталаах  этэ. Аны биэрэк хаҥас өттүн эмиэ ыраас­таабыппыт. Сайын үлэлиир лааҕырдарга, даача СОТ-гар минеральнай балаһалары оҥоробут. Быйыл өссө бөһүөлэк тула өттүгэр баһаа­ры утары арахсыыны ыллыбыт. Тыаҕа сыста сытар итинник тэрилтэлэргэ эбэһээт баһаар­тан харыстыыр балаһалары оҥоруу ирдэнэр, онон ити үлэлэри биһиги толоробут.

Мас үүннэриитэ

– Ону таһынан, биһиги уруккута «Сахаплемхолбоһугу», билигин «Экоферма Туймаада» тэрилтэни кытары бэһис сылбытын дуогабарынан күрүө тутабыт.

Быйыл ойууру чөлүгэр түһэрии чэрчитинэн Намнааҕы филиалбыт сиэмэ хомуйан уонна Красноярскайтан аҕалан тэпилииссэҕэ мас олортубут. Олорбут олус үчүгэйдик тыллан таҕыстылар. Ити сиэмэлэр­бит анал сэртипикээттээхтэр, көҥүллээхтэр. Бу мастарбыт 96%-ра үүнүөҕэ диэн сабаҕа­лаабыттара. Красноярскай сиэмэтин тоҕо аҕаллыгыт диэтэххэ, биһиги килиимэппитигэр барсар, тымныыны тулуйар диэммит боруобалаатыбыт. Уопсайа 50 225 бэс сиэмэтин олордубуппут, онтубут барыта үүннэ. Ону аны ойуурга олордуохтаахпыт. Билигин сиэмэнэн маһы хайдах үүннэрэри биллибит, онон өссө улахан тэпилииссэ туттан, өссө элбэҕи үүннэриэхпит.

Аны туран, бу күһүн тиит мас шишкатын хомуйуох­таахпыт. Онтон эмиэ тиит маһы үүннэрэн көрүөхпүт. Ол эмиэ сатаныа диэн эрэнэбит.

Настаабынньыктар үтүө сүбэлэринэн

– Мин бу тэрилтэҕэ 2008 с. үлэлиибин. Элбэх киһини кытары алтыһан, үлэлээн кэллим. Олортон миэхэ сүбэ-­ама буолбут, үлэҕэ сирдээбит аҕа табаарыстарбын, нас­таабынньыктарбын умнубаппын. Өр кэмнэргэ бииргэ алтыһан үлэлээбит дьоммуттан, билигин, филиал дириэктэрдэринэн үс эрэ киһи хаалан үлэлии сылдьар. Ол курдук, Сунтаар филиалын дириэк­тэрэ Василий Яковлев, Таатта филиалын дириэктэрэ Андрей Данилов, Өймөкөөн филиалын дириэктэрэ Никита Прокопьев өр сылларга үтүө суобастаахтык, идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьаллар. Ойуур хаһаайыстыбатын салалтатын начаалынньыгынан үлэлиир Вячеслав Собакины кытары өр сылларга бииргэ алтыһан үлэлээн кэллим.

Урут тэрилтэбит үрдүкү салалтата 2-3 сыл буола-­буола уларыйа турааччы. Оттон билиҥҥи салайааччыбыт Виктор Омуков үлэни-хамнаһы сөптөөхтүк тэрийэр улахан уопуттаах киһи. Биһиги маннык хаһаайыстыбанньык салайааччы өр сылларга сала­йара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Кини кэлиҥҥи кэмҥэ тиэхиньиичэскэй да өттүнэн, баазаны тупсарыы даҕаны өттүнэн элбэҕи оҥордо.  Бары филиаллар тэрилтэҕэ саҥаны, сонуну киллэрбитин биһириибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago