«Чаҕылхай суоллаах учууталлар» ахтыы киэһэтэ
Таатта улууһун Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатыгар дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылынан, оскуола уһуйааччыларын сэбиэтин тэрийиитинэн, кыһабытыгарөр өр сылларга айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит-хамсаабыт бэтэрээн учууталларбытыгар аналлаах «Чаҕылхай суоллаах учууталлар» диэн бэрт сэргэх ахтыы киэһэтэ буолан ааста.
Кэлбит бэтэрээннэргэ, эдэр учууталларга туһаайан дириэктэри научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы В.Т.Федорова оскуола устуоруйатыттан кылгастык сырдатта, билигин ыытыллар тэрээһиннэр, учууталлар уонна оҕолор ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэ. Оскуолабыт дириэктэрэ И.И.Дягилев саҥа үлэтин саҕалаабыт кэлэктиибигэр, бэтэрээннэригэр эҕэрдэтин, бэйэтин баҕа санаатын тириэртэ.
Бу тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Ол курдук, «Умнуллубат үтүө ааттар» диэн түһүмэххэ оскуола аһыллыаҕыттан араас кэрдиис кэмнэргэ дьулуурдаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээн, эдэр көлүөнэ ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, көмүс буукубанан суруллар учууталларбытын ахтан-санаан аастыбыт. Кинилэр сырдык сулустуу күлүмнээн ааспыт дьоһуннаах олохторо, чаҕылхай суоллара-иистэрэ, үтүө ааттара оскуолабыт Албан аатын хоһугар үйэтитиллэн, үйэ-саас тухары умнуллубакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана, ахтылла туруоҕа диэн эрэнэбит.
Элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕалыахпытын баҕарабыт. Ол курдук, бандьыыттар илиилэриттэн суорума суолламмыт, оскуолабыт бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ Свинобоева Анна Степановна быйыл төрөөбүтэ 130 сылын туолла. Онтон алын кылаастарга айымньылаахтык үлэлээбит учуутал Заболоцкая Акулина Паповна быйыл төрөөбүтэ 100 сыла буолла. Ону таһынан, биһиги улууспутугар наставническай хамсааһыны бастакынан саҕалаабыттартан биирдэстэринэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала Васильева Анна Петровна буолар. Оскуолабытыгар кылгас кэмҥэ математика учууталынан чаҕылхайдык Прокопьева Нина Гаврильевна үлэлээн ааспыта. Неустроева Мария Петровна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, алын сүһүөх кылаастарга үрдүк таһымнаахтык үлэлээбит учуутал, быйыл төрөөбүтэ 75 сылын туолла.
«Уһуйааччы – аҕа сүбэһит» диэн иккис түһүмэххэ оскуолабыт методическай холбоһуктарын салайааччылара, учууталлара бэйэлэрин уһуйааччы учууталларын киэҥник сырдаттылар. Бэтэрээн-учууталлар бэйэлэрин кэмнэригэр үөрэтии бары ньымаларын толору баһылаан, оҕону духуобунай иитиигэ киэҥ ис хоһоонноох, биир тиһиктээх үлэни ыыппыттара. Кинилэр олохтообут үтүө үгэстэрэ күн бүгүн салҕаналлар, эдэр учууталларга инники үлэлэригэр күүс-көмө буолаллар.
«Ааспыты анааран» диэн бүтэһик түһүмэххэ тэрээһиҥҥэ кэлбит педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ үлэлээн, айан-тутан ааспыт, умнуллубат сылларын үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа ахтан-санаан аастылар, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, дууһалыын сынньанан, уруккуну, ааспыты анааран эдэрдэригэр түһэн ыллылар. Бэркэ, барыта ис сүрэхтэн тэриллибит тэрээһин буолла диэн оскуола салалтатыгар, уһуйааччылар сэбиэттэригэр махтал тылларын анаатылар, оскуолабыт өссө да үүнэ-сайда турдун диэн алгыһынан тарҕастылар.
Ыытыллыбыт тэрээһин туһунан Петрова Н.В. маннык ахтар:
«Наһаа үчүгэйдик толкуйдаммыт тэрээһиҥҥэ сылдьан астынан кэллибит. Сценарийтан саҕалаан, ыытыыта, фуршета барыта үрдүк таһымҥа барда диэн бары да бэлиэтээтилэр. Методическай холбоһуктар салайааччылларын, учууталларын кэпсээннэриттэн өссө элбэҕи биллибит, уруккуну санаан эдэрбитигэр төннөн ылбыппыт наһаа үчүгэй буолла. Барыта ис дууһаттан тэриллибитэ киһини үөрдэр. Оскуола салалтатыгар, тэрийээччилэргэ, уһуйааччылар сэбиэттэрин чилиэннэригэр Татьяна Васильевнаҕа, Маргарита Егоровнаҕа, Варвара Афанасьевнаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Оскуолабыт өссө үүнэ-сайда турдун, үлэ-хамнас ситиһиилээх буоллун, бары доруобайдык, чэгиэнник сылдьыҥ диэн алгыыбыт”.
Татьяна НИКИФОРОВА, Маргарита ПАВЛОВА, Варвара УНАРОВА,
уһуйааччылар сэбиэттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: