Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар ананнылар.
Бырайыагы СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ тэрийдилэр.
Бэстибээлгэ Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Нам, Хаҥалас, Уус Алдан, Горнай, Кэбээйи улуустарыттан 154 киһи, ол иһигэр 140 оҕо, 23 фольклор бөлөҕө, кытынна.
Күрэххэ чуолаан кыттааччылар тутталлара-хапталлара, тылларын баайа, тэтимнэрэ, төһө чуолкайдык саҥараллара уо.д.а. сыаналанна.
Бастыҥ толорооччулар анал статуэткаларынан, дипломнарынан уонна сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар:
I үктэл – Виталий Гоголев (салайааччы Любовь Монгуш), Чурапчы улууһа.
II үктэл –«Удьуор утумун уһугуннарыы» фольклор кэлэктиибэ (Лена Егорова), Дьокуускай к.
III үктэл – «Харыйачаан» уһуйаан фольклорга кэлэктиибэ (Г.Г. Находкина), Уус Таатта.
I үктэл – Александра Максимова, Чурапчы улууһун Болтоҥо с.
II үктэл –«Чугдаар» фольклор кэлэктиибэ (сал. Валентина Кривошапкина, Ульяна Ефремова), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа с.
III үктэл – Айталыын Винокуров, Горнай улууһа.
«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурус Гран-притын хаһаайынынан «Күбэйэ» фольклор бөлөҕө буолла.
Бэстибээл-куонкурус чэрчитинэн ыытыллыбыт сэминээргэ түөрт уопуттаах эспиэр-исписэлиис кытынна. Ону таһынан оҕолору кытары быһаччы үлэлиир, этнокултуурунай үөрэхтээһин салаатын билиҥҥи кыһалҕаларын бэйэлэринэн билэр уопуттаах быраактык-учууталлар, айар кэлэктиипэтэр салайааччылара уонна педагогтара кытыннылар.
Маннык куонкурустар сылтан сыл аайы улуустар географиялара кэҥээн иһэрин, фольклор кэлэктииптэрэ уонна биирдиилээн толорооччулар элбииллэрин, чабырҕах жанра сайдарын, толорооччулар маастарыстыбалара уонна таһымнара үрдүүрүн көрдөрөллөр.
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…
Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…