«Чайнойдарга” сувенирдары атыылыыр уолдьаста  

«Чайнойдарга” сувенирдары атыылыыр уолдьаста  

25.07.2023, 19:15
Хаартыска - Елена Потоцкая түһэриитэ уонна Дмитрий Громов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта «Дьулуур» адаптивнай успуорт  спартакиадатын волонтердара Амма Эбэ таастарын хомуйан, сууйан-тараан, алгыстатан баран, улуус бренд-бэлиэлэрин тэриэлкэҕэ уонна тааска уруһуйдаан, тута сувенир оҥорон таһааралларын туһунан «Саха сирэ» саайтка суруйбутум.

Биллэн турар, туризмы сайыннарыыга сувенирдары оҥоруу улахан оруоллаах. Бу туһунан СӨ Туризм сайдыытыгар территориальнай маркетинг ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов бэйэтин санаатын маннык үллэстэр:

— Аара айаннаан истэххэ, «Бүлүү» да, «Халыма» да, «Лена» да айан суолларын  «чайнойдарыгар» эбэтэр улуустар түмэллэригэр бу федеральнай суоллар ааһар улуустарын сувенирдара олох атыыламмат. Дьиҥэр, оскуола, оҕо уһуйаанын аайы араас сувенирдары оҥорорго үөрэтэллэр эбээт. Өймөкөөҥҥө, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Чурапчыга, Аммаҕа уо.д.а. улуустарга сылдьан ааһар туристар бу улуустары сирэйдиир сувенирдары маҕаһыыннартан, кафелартан, «чайнойдартан», түмэллэртэн ылан ааһыа этилэрэ. Ол суох. Онон толкуйданар кэммит кэллэ.

Тыа сиригэр туризмы сайыннарыы туохтан тутулуктааҕый? Тоҕо биһиги аттыбытыгар баары таба туһаммаппытый?

Бу ыйытыыларга хоруйу «Күннээҕиттэн сүрүн сүүрээни тобулуу» диэн интервьюга Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга кэскиллээх үлэни ыытар Дмитрий Громов бэрт дириҥ ис хоһоонноох анаарыы санаатын чэппиэрдээҕи «Саха сирэ» хаһыакка ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: