Чакырдар отчуокка эбии олоппос киллэрэн олордулар
Амма улууһун Чакыр нэһилиэгэ өрүс уҥуор сытар соҕотох нэһилиэк буолар. Нэһилиэнньэтин ахсаана биэс сүүсчэкэҕэ аҕыйах киһинэн тиийбэт эбит. Ситэриилээх былаас үлэтин отчуотугар олорор миэстэ тиийбэккэ, аан хостон эбии киллэрэн олордулар.
Дьэ, тугу ыйыталаһаллар, этинэллэр, туруорсаллар эбитий? Үрдүк күүрүүлээх уот, нэһилиэк иһинээҕи аппа, суол оҥоруута, өрүһү туоруур күргэ, ноһуом, бэтэринээрийэ, оттук мас, гараас төлөбүрэ, элбэх оҕолоохторго чэпчэтии, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйыы, миграннар, уо.д.а. ыйытыыны биэрдилэр. Манна барытыгар сиһилии хоруйдары ыллылар.
Бэтэринээрийэ өҥөтө кэлин үүнэ-тэһиинэ суох улааппытын, бэтэринээрдэри ыҥырдахха кэлэллэр эрээри, бастакы көмө оҥорорго ирдэнэр эмптэрэ суоҕун, бэйэҕит булуҥ дииллэрин, ынахтаах киһи ыксалга эмп көрдүү сүүрэрэ кыаллыбатын олохтоох киһи тус бэйэтин холобуруттан үллэһиннэ. Маныаха Бэтэринээрийэ департаменын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Петр Петров: “Бэтэринээрийэ сулууспата хас сылын аайы хас улуус аайы департамент нөҥүө сөбүлэҥ ылан баран бу тарыыптарын бигэргэтэр, улуус бэтэринээрийэҕэ бырааһа. Бүддьүөттэн биһиэхэ хамнаспыт, олох-дьаһах өҥөтүн ороскуоппутун уонна икки сылга биирдэ айан төлөбүрүн сабаллар. Эмп харчытын бэйэҕит оҥостунуохтааххыт диэн баар. Ол иһин управлениеларбыт оҥорбут үптэрин эргитэллэр, атын эрэгийиэннэртэн эмтэрин атыылаһаллар. Биллэн турар, эһиги этиигитин кытта сөпсөһөбүн – бэтэринээр бэйэтэ эмтээх-томтоох кэлиэхтээх. Бу боппуруоһу хонтуруолга ылыам, быһаарсыахпыт” – диэн быһаарда.
Сылбаҕы оттук мас оннугар туһаныы туһунан ыйыттылар. Сылбах туһунан сокуон киирбитэ хаһыс даҕаны сыла буолла, ити боппуруос өрөспүүбүлүкэ сокуонугар эмиэ киирбитин туһунан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойуур хаһаайыстыбатыгар департаменын салайааччыта Андрей Михайлов сылы быһа сылбаҕы бэлэмниэххэ сөп, ойуур хаһаайыстыбата итини син биир хонтуруоллуур диэн эттэ. Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай Иванов биһиги сылбаҕы биэрэбит, бэйэҕитин көмүскэнэн Амматтан даҕаны, нэһилиэк даҕаны маастарыттан ыспыраапката ылыҥ уонна хаартыскаҕа түһэриҥ диэн эттэ. Аны маны тыраахтарынан киирэн соһор табыллыбатын, бу үүнэн эрэр маһы алдьатарын быһаарда.
Нэһилиэнньэ, уопсайа, сүүрбэччэ ыйытыыны биэрдэ, барытыгар сиһилии хоруйу ылла. Итиэннэ ситэриилээх былааска бэйэлэрин санааларын, толкуйдарын тириэртилэр.
Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: