Чакырдарга — аэролодка!
Бүгүн социальнай ситимнэринэн биир сонун тарҕанна. Амма улууһун Чакыр нэһилиэгиттэн төрүттээх уол аэролодканы дойдутугар таһааран эрэрин туһунан.
Онон хайдаҕын-тугун билээри II Чакыр нэһилиэгин баһылыгар Семен Григорьевка эрийэ сырыттыбыт.
— Сарсын биһиэхэ үөрүүлээх түгэн буолаары турар. Ол курдук, улууспут баһылыга Степан Николаевич Кузьмин нэһилиэкпитигэр кэлэн бу аэролодка күлүүһүн туттарыаҕа. Биллэрин курдук, урукку сылларга өрүс хаайтарыытын кэмигэр дьоммут сүрдээҕин эрэйдэнэр этэ, бөртөлүөт да кэлбит түгэнэ баара. Онон, дьон кыһалҕатын быһааран, улууспут бу 1 мөл. тахса суумалаах тэрили ылан биэрдэ. Өссө силигин ситэрэн, биир дойдулаахпыт, билигин Аллараа Бэстээххэ олорор Иван Алексеевич Бандеров тиэйэн таһаарыытыгар көмөлөстө. Сарсын бу күлүүһүн туттарыы туһунан сиһилии иһитиннэриэхпит. Кылгастык эттэххэ, итинник, — диэтэ баһылык Семен Николаевич Григорьев үлэтин быыһыгар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: