Чапаево уонна Турукта нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ВОЛС ситимэ холбонно
27.11.2025, 13:50
Бөлөххө киир:
Чапаево уонна Турукта учаастактарыгар бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, «Цифровой алмаас» пуорум арыллыытыгар волс ситимэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга холбонно.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков телемост нөҥүө ситим холбонуутун арыйда:
-Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ ВОЛС ситимэ киирбитинэн олохтоохтору эҕэрдэлиибин! Нэһилиэнньэ социальнай инфраструктурата сайдыытыгар улахан суолталаах. Бу бырайыак биэс нэһилиэнньэлээх пууннары хабыаҕа. Саха сирин арҕаа эҥээрин хабыаҕа. Манна оптическай волокно эрэ буолбакка, ону сэргэ спутниковай ханааллар, Wi-Fi туочукаларын уонна видесибээһинэн көрөр кыаҕы биэриэҕэ. Сибээс түргэн уонна куттала суох буолуоҕа, диэн Кирилл Бычков бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: