Чапаевоҕа биэлсэр-акушер пууна арылынна
Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр арыллыбыт саҥа модульнай биэлсэр-акушер пууна аныгы ирдэбиллэргэ барытыгар эппиэттиир, биэлсэр уонна акушер кэбиниэтэ наадалаах тэриллэринэн сэбилэннэ.
Ону таһынан процедура кэбиниэтэ, эмтэнээччилэр күүтэллэригэр аналлаах миэстэ, санитарнай узел, үлэһиттэр хосторо, эмтэри харайар хос бааллар.
«Биэлсэр-акушер саҥа пууна баар буолбута Чапаево сэлиэнньэҕэ быраас кэлиэн иннинээҕи мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу таһымын үрдэтиэҕэ, диспансеризациялар уонна мэдиссиинэ чинчийиилэрэ ыытыллыахтара”, — диэн Хаҥалас улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Артур Протодьяконов иһитиннэрдэ.
Бу сыл бэс ыйыгар Хаҥалас улууһугар өссө биир саҥа биэлсэр пууна Төхтүр сэлиэнньэтигэр баар буолбута.
«Тута икки биэлсэр-акушер пууна тута баар буолбута– биһиги улууспут доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар саҥа уонна улахан суолталаах түһүмэх. Бу — олус элбэх дьон дьаныардаах үлэтин түмүгэ”, — диэтэ кылаабынай бырааһы солбуйааччы Надежда Протодьяконова.
Санатан эттэххэ, Чапаево сэлиэнньэтигэр биэлсэр-акушер пуунун тутуу быйыл ыам ыйыттан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагын чэрчитинэн саҕаламмыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: