Хайа баҕарар нэһилиэк үйэлэргэ умнуллубат бэлиэ кэмнэрдээх, чулуу дьоннордоох буолар. Уус Алдан Баатаҕайыгар Чараҥай диэн ааттыын кэрэ, умсугутуулаах, умнуллубат устуоруйалардаах ураты сир-дойду баар.
Бу кэпсээммин быйылгы, эһиилги сылларга 115 сылын туолар номоххо, устуоруйаҕа киирбит Чараҥай сойууһун туһунан кэпсиэхпит иннинэ, бастаан 2020 сыллаахха, нэһилиэк Аҕа Дойду сэриитин 75 сылын хайдах курдук күүрүүлээхтик бэлиэтээбитин, махталлаах көлүөнэ турунуутунан улахан үлэ барбытын сырдатан-санатан ааһыам.
Чараҥайы 1951 с. бөдөҥсүтүү барбытынан Молотов уонна Маркс ааттарынан холкуостары холбоон, Биэттэ диэн киэҥ алаас куулатыгар Хомустаах диэн сиргэ көһөрбүттэр. Билигин иччитэх дьиэлэр өтөхсүйэн тураллар уонна Белолюбская Е.П. бааһынай хаһаайыстыбата тиргиччи үлэлиир буолан ынах сүөһү пиэрмэтэ, олорор дьиэлэрэ – бэрт аҕыйах саҥалыы тутуулар бааллар. Манна Аҕа дойду сэриитин саҕана оскуолаҕа уонна нэһилиэнньэҕэ байыаннай үөрэҕи күүскэ ыыппыт, саха успуордун аҕатынан ааттанар Тарскай Н.Н. үлэтин саҕалаабыта. Оскуола Биэттэҕэ көһөрүллүбүт миэстэтигэр оччотооҕу ыччаттар умнубакка өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ туруорбуттар.
Корякина Тамара Константиновна икки Бурнашева Анна Петровна икки Чараҥайдарыттан уоттаах сэриигэ баран эргийбэтэхтэр уонна аҕыйах тыыннаах ордон кэлбиттэр кэриэстэригэр мэҥэ бэлиэ оҥоруохха баар этэ диэн баҕа санааларын кэпсэтэр буолбуттар. Корякиннар – Тамара Константиновна кэргэнинээн Прокопий Григорьевичтыын сайын аайы дьоннорун өтөхтөрүн сөргүтэн оҕолорун, сиэннэрин кытта куораттан тахсан сайылыыр эбиттэр. Бастаан Корякин П.Г. күтүөтүнээн Жирков Д.В. сэргэ туруорбуттар. Онтон Улуу Кыайыы 75 сылыгар Анна Петровна бэйэтэ да нэһилиэгэр төрүкү улахан уопсастыбанньык, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ киһи буолан сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр өйдөбүнньүк стела туруорарга Чараҥайтан төрүттээх бар дьонун өрө туруоран үлэ күөстүү оргуйан барбыта. Дьокуускайга олорор Белолюбская Изабелла Михайловна стела эскиһин оҥорторон, ааҕан-суоттаан, биригээдэ булан хамсаныы барар. Сэрии, тыыл кыттыылаахтара, бэтэрээннэрэ ким да умнуллубатын туһуттан Бүлүү куоратыгар олорор Сивцева Надежда Егоровна архыыпка куйаар ситиминэн олорон олус дьаныһан, күүскэ үлэлээбитэ. Дьокуускайтан Сергеева Аграфена Петровна эрэдээксийэлиир, о.д.а. өттүгэр кыһаллан киирсибитэ. Күттүөннэх уонна күргүөмнээх үлэ түмүгэр Изабелла Михайловна аарыма стела хас эмэ блогун барытын хаартыскалаан, суругун-бичигин ситэрэн, массыынаны кэпсэтэн, сүгэр-көтөҕөр уолаттарын дьаһайан, Чараҥай халдьаайытын булларбыта. Күһүөрү үлэтэ барыта ситэн-хотон үөрүүлээх аһыллыыта буолбута, дьон тоҕуоруһа мустан астыммыта, санаата көнньүөрэн үөрбүтэ-көппүтэ. Ити кэнниттэн салайааччылар (лидердэр), инники күөҥҥэ сылдьааччылар — 1946 сыллаах сайын манна, Чараҥайга Кыайыы ыһыаҕа бэрт тэрээһиннээхтик уонна умнуллубаттык Арҕаа уоттаах сэрииттэн бааһыран кэлбит кадровай офицер, Аҕа дойду сэриитин уонна Албан аат уордьаннардаах, элбэх мэтээллэрдээх холкуос бэрэссэдээтэлэ Матвеев Петр Егорович сүүрэн-көтөн тэрийбитэ, үйэлэргэ умнуллубатын туһугар бу сири сөргүтэн, пааматынньыгын, кымыс, үтэһэлээх эт умуһаҕын саҥалыы оҥорон, ыһыах сирин күрүөлээн субуотунньуктары тэрийэн, үлэ улахана, далааһыннааҕа ыытыллыбыта. Дьаҥ мэһэйдээн, кыратык хойутаан да буоллар былырыын сайын ыһыах ыытыллыбыта, аҕа көлүөнэ Албан аатын умнуллубат гына үйэтиллибитэ, барыта дьиҥнээх, оччотооҕу баарын курдук киирэр аарка үрдүгэр И.В.Сталин мэтириэтэ, Кыһыл былаах ыйаммыта.
Бу Аҕа көлүөнэ Албан аатын үйэтитии үлэлэригэр, икки сыллаах элбэх хамсааһыннарга тирэх буолбут, бары үлэттэн туора турбатах дьон манныктар: Корякин П.Г., Нафанаилов П.П., Стрекаловскай М.Е., Ушницкай А.Э., Портнягин В.М., Белолюбская Е.П., Сивцев П.П., Бурнашев А.Н., Бурнашев И.Н., Новгородов Д.П., Новгородов И.И., Белолюбскай Н.Н.-1, Белолюбскай Н.Н.-2, Гоголев Д.Д., Слепцов С.А., Готовцев В.И., Сивцев В.Д., Семенова И.Н. Кэптэнигэ олорор чараҥайдар субуотунньукка кэлэн үлэлээн бараллара, Намҥа олорор чараҥайдар Аманатова М.Н. салалтатынан көмөлөрө араас буолбута, алгысчыт Жиркова У.И. махталбыт улахан.
Итинэн Аҕа Дойду Улуу Кыайыытыгар аналлаах киэҥ ис-хоһоонноох, хорутуулаах үлэ барбытын туһунан бэрт кылгас билиһиннэриини түмүктүүбүн уонна Чараҥайтан төрүттээх төрөппүт оҕобуттан эрэ биир сыл аҕа киһи, Мүрү оскуолатыгар учууталым, оччолорго биллэр суоллаах-иистээх үөрэҕирии эйгэтигэр салайааччы Павлов Павел Павлович, кини кэргэнэ күндүтүк саныыр аҕа саастаах дьүөгэм, учуутал Павлова Елена Николаевна аччыгый уоллара Павел Павлов национальнай архыыпка үлэлэһэн, төрүччүбүтүн оҥорон биэрэринэн эрэ муҥурдаммакка, бу күннэргэ номох буолбут устуоруйа чахчытын Чараҥай сойууһун туһунан уонна сойуус кыттыылаахтарын чуолкай испииһэктэрин булан таһаарда. Ол туһунан мантан аллараа Павел Павлов бэлиэтээһинин ааҕыҥ.
Чараҥай сойууһун туһунан аан бастаан И.Г.Березкин I Өспөх олохтооҕо Александров И.И. кэпсээбитин суруммутунан 1960 с. Г.У.Эргис хомуйан оҥорбут “Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ” кинигэтигэр бэчээттэммитэ биллэр, онтон 1977 с. И.Г.Березкин бэйэтэ эмиэ итинник ааттаах кинигэни таһаарбытыгар киирбитэ. Бу кинигэҕэ баар хос быһаарыыларыгар “Чараҥай сойууһун дьыалата архыыптартан көстө илик” диэн суруллубут. Ол дьыаланы национальнай архыыптан буламмын, онно баар докумуоннарынан уонна сойуус кыттыылаахтара Березкин Егор Прокопьевич, Александров Иннокентий Иннокентьевич ахтыыларынан дьадаҥылар нэһилиэк бас-көс дьоннорун кытары утары туруулара хайдах барбытын кылгастык сырдаттахха маннык.
Былыр Дүпсүн улууһун I Өспөх нэһилиэгэ үс аҕа уустаах этэ. Афанасьев, Жирков уонна Чараҥай. Ордук элбэх сирдээх-уоттаах, сэниэ дьоннордоох Афанасьев аҕа ууһа эбит. Бу аҕа ууһун тумус киһитэ Афанасьев Алексей Петрович дьадаҥылар оттуур сир көрдөһө кэлэллэрэ бэрдиттэн, 1906 с. өлүөн эрэ иннинэ, көҥүл өттүнэн 37 дэһээтинэ иэннээх 5 алааһы сирэ суохтары сирдээҥ диэн нэһилиэккэ биэрбит. Ол үрдүнэн Чараҥай аҕатын ууһуттан 40-ча киһи сирэ суох сылдьыбыт. Онтон салгыы чараҥайдар, Евсей Петрович Александров-Сэксээ Дэпсэйэ (оччолорго 48 саастаах) уонна Евсей Филиппович Тарскай-Тэрэкэ Дэпсэйэ (27 саастаах) нэһилиэк кинээһиттэн, баайдарыттан сир көрдөһө сатаан баран туһа тахсыбатаҕар аҕа ууһун иһинэн мунньахтаан баран аан бастаан 1908 с. тохсунньу 21 күнүгэр Саха уобалаһын Губернаторыгар көрдөһүү сурук түһэрбиттэр. Онно этиллэринэн нэһилиэккэ киирэр 40 оттуур сири 4 эрэ киһи – кулуба Прокопий Афанасьев, кинээс Петр Лыткин, Федор Афанасьев уонна Алексей Петрович Афанасьев огдообото Аксинья баһылаан олороллор, оттон Чараҥай дьонуттан 40 киһи, эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ төрүт да сирэ суохтар, оттуур сири нэһилиэк иһинэн чугастааҕы алаастарынан тэҥҥэ үллэрэргэ, ханна эрэ төрүт ыраах үрэх бастарыгар ыыппакка, дьадаҥыларга ордук болҕомто уурарга диэн көрдөспүттэр. Үҥсүүгэ үрдүкү былаас хайдах сыһыаннаспытай диэтэххэ: “Якутскому Исправнику. Передать на наслежный сход и наблюсти, чтобы интересы бедных людей были ограждены от аппетитов тойонов. О последующем донести” – диэн Крафт Губернатор бэйэтинэн илии баттаабыт. Бу сурук кэнниттэн улуус, нэһилиэк өттүттэн туох да дьаһал тахсыбатаҕын иһин өссө кулун тутар 4 уонна ыам ыйын 24 күннэригэр эмиэ итинник хабааннаах көрдөһүүлэри түһэрбиттэр, “нэһилиэккэ туох да дьаһал суох, окко киирии чугаһаата” диэбиттэр. Маныаха ити бүтэһик сурукка Крафт Губернатор: “Якутскому исправнику. Настоять окончить это дело до начала сенокоса и об исполнении донести” – диэн резолюция туруорбут, “быраабаҕытыгар ыйаах ыыппыппыт” диэбиттэр.
Бу тухары улуус быраабата туох да дьаһалы ылбатах, от ыйа тиийэн кэлбит. Чараҥайдар Мара диэн сиргэ кистээн мунньахтаабыттар: “Үҥсүүбүтүттэн туһа тахсыбата, күүс өттүбүтүнэн сирдэрин оттоотохпутуна эрэ туох эмэ хамсааһын тахсыыһы”—диэн Арыы Баһа диэн сири охсон ыларга быһаарыммыттар. Маны анараалар билэ охсубуттар, Аксинья аймаҕа Стрекаловскай диэн Чараҥайдар бэйэлэрин киһилэрэ, Бөрөлөөх диэн 15 биэрэстэлээх сиргэ ол киэһэ сатыы тиийэн тыллаан биэрбит, ону истэннэр Арыы Баһыгар баар дьиэлэригэр хоно кэлбиттэр. Чараҥайдар ити алааһы охсуулара хайдах барбытын үөһээ ахтыллыбыт кинигэлэртэн ааҕыахха сөп.
Бу дьайыы буолбутун кэннэ улуус, нэһилиэк тойотторо хамсанан барбыттар, от ыйын 19 күнүгэр Афанасьев аҕа ууһун мунньаҕын ыыппыттар уонна харыс да сири Чараҥайдарга биэрбэт гына уураахтаабыттар. Сэмсэ сирдэр аҕа ууһун иһинэн үллэриллибиттэрэ диэбиттэр. Чараҥайдар үҥсүүлэригэр этиллэр Кууданньа диэн сир Аксинья уолаттарын аҕаларыттан хаалбыт өлбүгэлэрэ, оттон Өлөҥнөөх Афанасьев Николайга нэһилиэк мунньаҕынан бэриллибитэ диэн буолбут. Оту күүстэринэн охсубут 25 киһини сокуонунан эппиэттэтэргэ диэбиттэр.
От ыйын 24 күнүгэр Окружной Исправник кытаанахтык модьуйбутун эрэ кэнниттэн улуус кулубата губернаторга араапар түһэрбит, Афанасьевтар сирдэрин чараҥайдар күүстэринэн оҕустулар диэн үҥсүбүт, Александров Евсейи административнай эппиэккэ тардарга көрдөспүт. Исправник атырдьах ыйын 8 күнүгэр Дүпсүн улууһун кулубатыгар Прокопий Афанасьевка уонна суруксут Иван Афанасьевка “наложить дисциплинарное взыскание за допущенное крайне небрежное отношение к срочному требованию к сему делу” диэн Губернаторга үҥсүү түһэрбитэ дьыалаҕа баар.
Кыһын кэлэр, Чараҥайдар 14 киһи ахсынньы ый бүтүүтэ уопсайа 100-чэкэ сыарҕа буолар үс кэбиһиилээх оттон 85 сыарҕа курдугун тиэйэн ылбыттар. Бу кэнниттэн кулуба силиэстийэ ыыппыт, онно үс киһини доппуруостаабыт (Тарскай Николай Матвеевич, Тарскай Петр Ефимович – Мордовская Н. хос эһэтэ, Лыткин Степан Васильевич – Павлов П. хос эһэтэ) бары буруйдарын билиммэтэхтэр, хас биирдии тиэллибит сыарҕа от ахсын буруйдаахтартан 3-түү солкуобайы Иван, Василий, Егор Афанасьевтар туһаларыгар төлөтөргө диэн уураахтаабыттар.
Эһиилигэр чараҥайдар эмиэ Мараҕа мустан мунньахтаабыттар: “Батталлаах нэһилиэктэн арахсыаҕыҥ, бэйэбит туспа нэһилиэк буолуоҕуҥ уонна сирбитин бэйэбит бас билиэҕиҥ, баайдар сирдэрин Бөтүрүөптэн ыла оттообутунан барыаҕыҥ” – диэн сүбэлэспиттэр. Ити 1909 с. сайыныгар чараҥайдар 50-ча киһи 6 алааһы оттообуттар. Кыһын уопсай нэһилиэк мунньаҕар чараҥайдары дьүүллээбиттэр, сирдэри оннунан хаалларарга, иккис сайын оттообут көлөһүннэрин сирдээх дьонтон харчынан чараҥайдарга төлөтөргө уонна икки утарыта турбут өрүттэри эйэлэһиннэрэргэ уураахтаабыттар. Бу мунньаҕы Афанасьев Петр Алексеевич-Бөтүрүүсэ салайан ыыппыт. Онон иирсээн көнөргө барбыт курдук эрээри, сирэ суохтар “революция буолбутун эрэ кэннэ сирдэммиппит” диэн кэпсээбиттэрэ архыып дьыалатыгар баар.
Түмүктээн эттэххэ “Чараҥай сойууһа” тэриллибит төрүөтүнэн сири тэҥэ суох бас билии, ким эрэ элбэх бастыҥ сирдэри баһылыыр, ким эрэ кыра сирдээх, сорохтор төрүт да сирэ суох сылдьыылара буолбут. Манна Чараҥайдар баайдар сэмсэ, чугас, үүнүүлээх сирдэриттэн бэриһиннэрэ сатаабыттара, оттон анараалар кинилэри ыраах үрэх бастарыгар сирдии сатаабыттара архыып дьыалатыгар харахха быраҕыллар.
Список лиц Чаранайского рода, самоуправно выкосивших траву с сенокосного места инородца Ивана Алексеева Афанасьева в лете сего 1908 года.
(в скобках пояснения П.П.)
1.Николай Березкин — Нючакан
2.Фома Аманатов – Боронкуй
3.Константин Саллатаров (Татаринов)
4.Петр Тусахов
5.Михаил Самсонов
6.Степан Лыткин – Кюлтюкю уола
7.Григорий Березкин
8.Семен Доллонов
9.Егор Березкин – Бочарай уола
10.Петр Аманатов
11.Петр Стрекаловский
12.Семен Тарский
13.Дмитрий Тарский
14.Михаил Аманатов
15.Федор Александров (Федор Саввич Александров –Танас уола Чыычаах)
16.Иван Александров 2-й
17.Иннокентий Александров 2-й
18.Николай Тарский
19.Савва Александров – Тагас
20.Михаил Саллатаров (Татаринов)
21.Иннокентий «Очо уола» (Иннокентий Иванович Сивцев – Хоочук)
22.Сытнай уола
23.Гаврил (Ха уола)
24.Илларион (Митях уола)
25.Гаврил Тарский
Наталья МОРДОВСКАЯ, Павел ПАВЛОВ.
.
Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…