“Чэбдик” – абыраллаах чэбдигирдэр киин
Кэлиҥҥи кэмҥэ ыраата баран кыайан эмтэммэт, сынньаммат дьоҥҥо кыһалҕалаах балаһыанньа үөскээтэ. Ордук саастаах дьон доруобуйаларын көннөрүнэр сирдэрэ аҕыйаата. “Абырал”, кырдьаҕастар эмтэнэр сирдэрэ дьон ирдэбилигэр эппиэттэспэт буолбутун элбэх киһиттэн истэр буоллубут.
Ордук дойдуга хамсык кэннэ доруобуйа айгыраабытын, киһи өйдөөбөт дьикти ыарыылара баар буолбуттарын, түөһэйии, мэйии кырдьыытын туһунан истэ-билэ сылдьабыт.
Мин сааһыран даҕаны уонна хаста да хамсык ыарыыга ылларан доруобуйабын бөҕөргөтүнэр соруктаах 2024 сыл буолаатын кытта “Чэбдик” санаторий-профилакторийга эмтэнэр, сынньанар түгэн көстүбүтүттэн санаторий салалтатыгар махталбын этээри, бу профилакторийга үлэ-хамнас күөстүү оргуйарын кэпсиэхпин баҕардым.
“Чэбдик” куорат оройуонугар киирэр Чочур Мыраан анныгар, айылҕа биир маанылаах муннугар турар. Сынньанар-чэбдигирдэр санаторийга былыр саҥа аһыллаатын кытта сылдьыбыттаахпын. Онтон ыла, арааһа, 30-тан тахса сыл аастаҕа. Эмтииллэрэ да оччолорго судургу соҕус этэ.
“Бастыҥ барыта – дьоҥҥо”
“Чэбдик” санаторий-профилакторий кылаабынай бырааһа Евгения Владимировна Чеботарева кэпсээбитинэн, “Чэбдик” Сахабыт сиригэр биир биллэр-көстөр улахан чэбдигирдэр киининэн буолар. 2015 сылтан неврология, сүрэх-тымыр, ис уорганнар ыарыыларыгар туспа салаалардаах эмтиир, сынньанар тэрилтэ буолбут. 2021 сыллаахха хамсык содулларыттан чөлүгэр түһэрэр киин буолан үлэлии олорор. Манна айылҕа араас эмтиир күүстэрин туһанан уунан, минералларынан, кирээһинэн, хамсаныынан, массааһынан, сөпкө тыыныынан уо.д.а. эмтээн ыарыһахха чэпчэтии оҥоһуллар. Аныгы үйэ араас эмтиир ньымаларын туһанан, сабыс-саҥа аппарааттарынан, тэриллэринэн эмтииллэрэ көдьүүстээх буолбут. Кырдьык даҕаны, соҕуруу дойду куруортарыттан туох да итэҕэһэ суох тэриллэрдээх эмтиир, сынньанар кииҥҥэ кубулуйбут. Евгения Владимировна “Бастыҥ барыта – дьоҥҥо” диэн этиинэн сирдэтинэн үлэлииллэрин-хамсыылларын үөрэ-көтө үллэстэр.
Доруобуйа дьону кытары сыһыантан эмиэ тутулуктаах
“Манна тохсунньу 9-25 күннэригэр сырыттыбыт. Кырдьык даҕаны, дьон-сэргэ сөбүлээн, үөрэ-көтө киирэн сынньанар, эмтэнэр сирдэрэ эбит. Быраастар, сиэстэрэлэр, үлэһиттэр бары болҕомтолоро, наадалаах исписэлиистэр кэлэн көрөллөрө-сүбэлииллэрэ, процедуралар араас көрүҥнэрэ, астара дэлэйэ, санаторий ырааһа – барыта аныгы көрдөбүлгэ эппиэттиир, атын киин куораттар санаторийдарын кытта тэҥҥэ сайдан иһэрэ харахха быраҕыллар.
Аны култуура араас көрүҥнээх тэрээһиннэрэ күн ахсын дьону олус сэргэхситэллэр. Оттон сынньанааччылар бэйэлэрэ кыттыылара эмиэ олус көхтөөх. Холобур, биһиги сытар кэммитигэр эриэккэс төлкөлөөх саха дьахтара А.Ф.Борисова Аҕа дойду сэриитин устуоруйатыгар киирбит сахалар хайыһардаах биригээдэлэрин туһунан матырыйаалы хайдах хомуйбутун кэпсээн, уолунаан Михаиллыын киинэ тахсыытыгар сүрүн дьон буолбуттарын билэн, “Журавли над Ильменем” киинэни олох атын харахпытынан көрөн уйадыйыы да, сөҕүү да барыта баар буолла, харах уутун да кыамматыбыт.
Аны устуоруйа билимин хандьыдаата А.А.Николаев саха кэпсээбэт кистэлэҥин үллэстиитэ эмиэ улахан интэриэһи тарта. Саха норуотун артыыһа Аркадий Алексеев кэнсиэрэ виртуоз-баянист Павлов доҕуһуолугар олох саҥатык иһилиннэ. Көхтөөх үлэни, үҥкүүнү, ырыаны тэрийээччи Н.Н.Ананина бэйэтин толорууларыгар нууччалыы-сахалыы ырыалара дууһа кылын таарыйдылар.
“Онон, “Чэбдик” бары үлэһиттэригэр, салайааччыларыгар, терапевт-быраастар О.В.Осиповаҕа, С.А.Шестаковаҕа, невролог А.А.Николаеваҕа, сүрэх бырааһа А.Е. Харабиковаҕа сыралаах үлэҕитигэр дириҥ махталбытын биллэрэбит. Бииргэ сынньаммыт дьоммутугар этэҥҥэ буолууну баҕарабыт”, – диэн баҕа санааларын Тааттаттан кэлбит Анна Баева, Клара Федосеева тириэрдэллэр.
Дьокуускайтан Варвара Мосорина “Чэбдик” ханнык баҕарар киин санаторийтан хаалбакка, тэҥҥэ сайдан иһэрин, ыраах сиргэ баран үбү-харчыны матайдыахтааҕар манна эмтэммит көдьүүстээҕин уонна барыстааҕын бэлиэтиир.
Нам сириттэн кэлбит Владимир Сивцев профилакторий үлэтэ-хамнаһа үрдүк таһымнааҕын эр киһилии судургутук кэпсээтэ. Кини доруобуйа чөл туруктанара ордук бодоруһууттан, дьону кытары сыһыантан буоларын бэлиэтээн туран, Атласовтар уһаайбаларыгар сырыытын, тыйаатыры көрбүтүн астына ахтар. Бииргэ сынньаммыт, эмтэммит дьонугар доруобай сылдьан ситэрбэтэхтэрин ситэрэллэригэр, оҥоро иликтэрин оҥороллоругар баҕарда.
Дьэ, ити курдук, биһиги да кэннибититтэн үлэ күөстүү оргуйарын истэ-билэ сылдьабыт. Мин ыал педагога буоларбынан, чэбдигирэр эйгэни тэрийииттэн “Уһун үйэлэниигэ 7 хардыы” диэн сэһэммин дьон ылынарын көрөн, инникитин бу хайысхаҕа үлэ барыан сөбүн итэҕэйдим. Сахабыт сирин дьоно, эһигини “Чэбдиккэ” кэлэн сынньаныҥ, доруобуйаҕытын көрүнүҥ диэн ыҥырабын, махтанабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: