Дьокуускайга «Чэбдик» санаторийга тэрээһин арааһа тиһиктээхтик ыытыллар. Онон манна киирбит дьон доруобуйаларын чэбдигирдэллэрин сэргэ, бэртээхэй ырыаны-тойугу истэллэр, үҥкүүнү-битиини көрөллөр, санаа атастаһыытыгар кытталлар, бэртээхэй бэсиэдэлэргэ сылдьаллар.
Соторутааҕыта Хатастан «Тускул» култуура киинэ кэлэн ыалдьыттаата. Быйаҥнаах Ичээнэ Баай кыыһа режиссердаах, Наталья Руфова, Андрей Малышев, Николай Протасов итиэннэ мелодист Николай Андросов бэрт сэргэх ырыалаах-тойуктаах, көрдөөх сценкалардаах киэһэни бэлэхтээтилэр. «Тускуллар» санаторийга бастакы кэлиилэрэ эбит. Кинилэр манна эмтэнэ, сынньана сытар, 85 саастаах, Николай Андросов эдьиийдээтэр эдьиийэ, ытык кырдьаҕас Анна Ионовна Копырина ыҥырыытын ылынан кэлбиттэр. Эмтэнээччилэр хас биирдии ырыаһыты дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Көрдөөх сценкалартан дуоһуйа күллүлэр, сирэйдиин-харахтыын сырдаатылар, улаханнык биһирээтилэр, астыннылар.
Онус сылын «Чэбдик» санаторийга айымньылаахтык үлэлиир, дэгиттэр ырыаһыт, үҥкүүһүт, дьону бэйэтин тула түмэ тардар үтүө сүбэһит, сахалыы сайдам санаалаах Надежда Николаевна Ананина тустаах тэрилтэ салалтатын аатыттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга махтал суругу туттарда. «Тускуллар» маннык дьоро киэһэлэри кэлэн бэлэхтии туралларыгар баҕарда.
Дьоро киэһэ иккис чааһыгар доруобуйаларын тупсарынан тахсааччылар бөлөхтөрүн ааттарыттан эҕэрдэ киэһэ буолла. Бүлүү Тыымпатыттан төрүттээх Федот Егоров баяҥҥа доҕуһуоллаата. Дуобакка, саахымакка уонна баарыска кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бэлэхтэри, эмтэнии кэмигэр санаторий олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыттарга махтал суруктары туттардылар. Манна маҥнайгы миэстэҕэ Хаҥаластан сылдьар 97 саастаах Александра Петровна Наумова эрэллээхтик тахсан үгүстэри соһутта, үөртэ. Ити курдук «Чэбдик» санаторийга сынньанааччыларга араас тэрээһиннэр былааннаахтык уонна тиһиктээхтик ыытыллаллар.
Августина Владимирова-Хабарова.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах. Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…
Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…
Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…
ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…
Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…