Чечняҕа Владимир Путин аатынан саҥа оройуон баар буолуоҕа
Чечня баһылыга Рамзан Кадыров Грознайга саҥа оройуон РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аатын сүгүө диэн иһитиннэрдэ.
Рамзан Кадыров этэринэн, саҥа тэриллэр оройуон учаастага 200 гектартан тахса иэннээх, онно 130-ча кэриҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, оҕо уһуйааннара, мечеттэр, социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ тутуллуохтара.
«Грознайга саҥа оройуону Владимир Путин аатынан ааттыырга быһаарыы Чечня норуота сүгүрүйэллэринэн уонна аатын үйэтитэр баҕалаахтарынан ылылынна», — диэн эттэ эрэгийиэн баһылыга.
Санаттаха, 2008 сыллаахха Грознайга киин проспегы Владимир Путин аатынан уларыппыттара. Ону таһынан, 2020 с. Чечня национальнай Дьоруойдарын чиэһигэр Грознайга 4 оройуон аатын уларытан оҥорбуттара — Ахматовскай, Байсангуровскай, Шейх-Мансуровскай уонна Висаитовскай. Бу туһунан ТАСС суруйда
Билигин оройуон тутуутун бастакы түһүмэҕэ ыытыллар, ол кэннэ 70 тыһыынча кэриҥэ киһи саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин тутуохтара. Саҥа дьиэлэр 40% кыбартыыралара хайыы-үйэ атыыланан бүппүт. Чечня баһылыга быһаарбытынан, кыбартыыралар ислам нуорматынан болдьохторунан бысталаан төлүүргэ бырыһыана суох атыыланаллар.
Грознай – Махачкала, Ставрополь куораттарын кэнниттэн Хотугулуу- Кавказ Федеральнай уокуругугар нэһилиэнньэтин ахсаанынан үһүс бөдөҥ куората. Манна статистика дааннайынан 331 тыһыынчаттан тахса киһи олорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: