Чэгиэн-чэбдик буол
Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ.
Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаран, ытыһы холбоччу тутан баран, тоҥолохтору остуолга ууран, харахтары саба тутуллар. Хараҕы таарыйыллыбат. Хараҥаҕа харах сынньанар уонна ытыстарыҥ энергиятын ылар. Күҥҥэ 2-3 итинник 10-15 мүнүүтэ оҥордоххо киһи көрөрө тупсар.
Күн уота харах сайдыытыгар, доруобуйаҕа, настарыанньаҕа олус туһалаах. Киһи кырата 2-3 чаас таһырдьа сылдьыахтаах. Оччоҕо Д битэмиин үөскээн киһи уҥуоҕа бөҕөргүүр. Хараҕыҥ көрөрө эмиэ тупсар.
Харахха туһалаах астарынан моркуоп, помидор, кыһыл биэрэс, моонньоҕон, черника буолаллар. Оҕо хараҕын, этин-хаанын сынньата 2-3 чаас устата күн аайы таһырдьа күн уотугар сүүрэ-көтө, хамсана сылдьара кини бэйэтэ доруобай буоларыгар туһалаах.
Саха ыалын халандаарыттан,
«Айар» кинигэ кыһата, 2015 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: