«Чэгиэн нэһилиэк» бырайыагынан 64 нэһилиэккэ успуорт тээбиринэ тиэрдилиннэ

Share

Быйыл Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 сылынан сибээстээн «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Чэгиэн нэһилиэк — 2023» өрөспүүбүлүкэ бырайыагынан 100 нэһилиэк хабылынна.

Бу бырагыраамаҕа киирбит кыттааччыларга Физическэй култуура уонна маассабай успуорт салалтата успуорт тээбириннэрин уонна наҕараадалыыр атрибутикалары түҥэтэлиир. Саха сирин муницпальнай тэриллиилэрэ араас турнирдары ыыталларыгар анаан бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 15 мөл. солк. үп көрүллүбүтэ диэн СӨ успуордун министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан, бырайыакка киирсибит 100 нэһилиэктэн 64-дэ успуорт тээбириннэрин ылла.

«Чэгиэн нэһилиэк» бырайыак муниципальнай тэриллии олохтоохторугар чөл олоҕу сайыннарыыга, усулуобуйаны тэрийиигэ, нэһилиэнньэ успуорка көҕүн үрдэтиигэ, ону таһынан чэбдигирдии төрүт ньыматын тарҕатыыга (хаамыы, сүүрүү, бэлисэпиэтинэн күүлэйдээһин, сөтүөлээһин, эрчиллии, көдьүүстээхтик тыыныы) туһуланар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

56 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

2 часа ago