“Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” дьон-сэргэ сэргиир, сэҥээрэр бырайыага

Share

Физкультуранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктаныыга, чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһууга Россия Президенэ Владимир Путин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Николаев биэрбит сорудахтарын толорууга күргүөмнээх хамсааһыннар бараллар. Сахабыт сиригэр физкультура уонна спорт сайдыытыгар, чөл олох тутуһуллуутугар киэҥ өрүттээх үлэ ыытыллар.

Дьон-сэргэ, оҕо-ыччат чэгиэн-чэбдик сылдьалларыгар туһуламмыт дьоһун дьаһал Бэчээт Дьиэтигэр медиа-кииҥҥэ буолан ааспыта. “Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” бэртээхэй бырайыак саҕаланна. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах киэҥ хабааннаах, улахан дьаһал кыттыылаахтарын, Сахабыт сирин араас муннуктарыттан түмсүбүт нэһилиэктэр баһылыктарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Өрөспүүбүлүкэ физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов эҕэрдэлээбиттэрэ мустубут дьону-сэргэни сүргэлэрин улаханнык көтөхпүтэ.

Бырайыак быйыл өрөспүүбүлүкэ 100 нэһилиэгэр үлэлиэҕэ.

“Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” бырайыагы көҕүлээн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин ааттарыттан Уус Алдан улууһун II Лөгөйүттэн баһылык Иннокентий Троев, Орто Халыма улууһун 2-с Хаҥалаһын баһылыга Юрий Гуляев, Нам улууһун Хатырыгын баһылыга Юрий Дьяконов тыл этэн, санааларын үллэстэн, үлэни саҕалырга ох курдук оҥостон сылдьаллара харахха быраҕыллар.

“Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” бырайыакка үлэлэрин саҕалаабыт нэһилиэктэр баһылыктара, чуолаан, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун Кирбэй национальнай нэһилиэгин баһылыга Владислав Николаев санаатын үллэһиннэ:

-Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр, олор истэригэр, Арктика нэһилиэктэригэр, үөрүүлээх түгэн. Биһиги спорт министиэристибэтин көҕүлээһининэн, Саха сирэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай хамсааһын 100 сыллаах үбүлүөйүнэн анаан миниистирбит, олимпиец Леонид Николаевич Спиридонов “Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” диэн хамсааһыны көҕүлээбитин өйөөммүт, бииргэ үлэлиир туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттаары кэлбиппит. Оройуоммут баһылыга Лена Степановна Иванова маассабай спорду өйүүр. Соторутааҕыта Арктика нэһилиэктэрин мунньаҕар сылдьан эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы 1-кы Спартакиаданы ыыппыта. Онно быйыл Арктика оройуоннарын улахан күрэхтэһиилэрэ тэриллэннэр, нэһилиэктэрбит сэргэхсийдилэр. Спорка өссө утумнаахтык дьарыктаналларыгар хайҕаллаах дьыала оҥоһулунна. Биһиэхэ икки этээстээх саҥа оскуола киирбитэ иккис сыла буолла. Уонтан тахса сыл спортсаалата суох олорон бараммыт, дьэ, спортсаалаланныбыт. Инньэ гынаммыт, оскуолабыт үөрэнээччилэрэ спорт бары көрүҥнэринэн, ордук сөбүлээн игровой көрүҥнэринэн дьарыктаналлар. Номнуо, биир-икки сылга көрдөрүүлээхтэр. Оройуон күрэхтэһиилэригэр волейболга, баскетболга, мини-футболга сэмэй ситиһиилэрдээхтэр. Ону таһынан, быйыл нэһилиэкпитигэр спортивнай саала тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Онон нэһилиэк чөл олоххо тардыһыыта, маассабай спордунан дьарыктаныыта ити эбийиэктэр киирдэхтэринэ өссө күүһүрүөҕэ. Соторутааҕыта биһиэхэ үгэскэ кубулуйбут  табабыт бырааһынньыга ааста. Таба сүүрдүүтэ сүрдээҕин киһи сэниэтин ылар. Табанан сүүрдүүгэ элбэх көрүҥнэр бааллар. Эдэр табаһыттар бастакы сугулааннара буолан ааста. Хас да көрүҥҥэ күрэхтэһэннэр нэһилиэкпит оҕолоро бастакы-иккис миэстэлэнэннэр, “Буран” снегоход ылан үөрүүбүт-көтүүбүт улахан.

Мин үөрэхпинэн физкультура учууталабын. СГУ педфагын бүтэрбитим. Урут хайыһарынан, биатлонунан дьарыктанар этим. Билигин спорду икки илиибинэн өйүүбүн. Нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ физкультуранан уонна спордунан дьарыктаннахтарына доруобуйалара тупсарыгар саарбахтаабаппын. Спордунан дьарыктанар киһи дэгиттэр сайдыылаах буолар диэн бигэ санаалаахпын. Биһиэхэ тустуу өрө тутуллар. Тустууга дьоҕурдаах оҕолорбут Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ, Уус Алдаҥҥа оҕо спортивнай оскуолаларыгар, Чурапчы институтугар үөрэммиттэрэ, үөрэнэ да сылдьаллар.

Орто Халыма улууһун II Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Юрий Гуляев:

-Биһиги былырыын Сөбүлэһии түһэрсэммит, “Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” бырайыакка киирсэммит быйыл үлэлээтибит. Араас хайысхаларынан нэһилиэнньэни өрө тардан, маассабай спорка дьону көҕүлээтибит. “Уһун үйэлэниигэ”, “ГТО-ҕа” уонна “Спорка” үс инструктор үлэлээтэ. Бу бырайыакка аҕам уонна орто саастаахтарга улахан болҕомтону уурдубут. Хаалыктаах хаамыыга улахан үлэ барда. Ону таһынан, отоннуу баралларыгар, сайын айылҕаҕа тахсалларыгар хаалыктаах хаамыынан, тэрилтэнэн, түөлбэлэринэн, итинник спортивнай көрүҥнэринэн дьарыктаннылар. Нэһилиэкпит улууска саамай ыраах сытар, кыһынын эрэ сылдьар суол баар. “Көҕүлээһинтэн — профессионализмҥа” девизтээх НКО диэн ыччат бырайыагар кыттаммыт, сайыҥҥы спортивнай былаһааккаҕа уонна спорт саалаҕа тренажернай ылбыппыт. Билигин нэһилиэнньэ олохтоохторо физкультуранан уонна спордунан сүрдээҕин дьарыктанар буоллулар. Дьон, ыччат чөл олохтоох буоллун, спордунан дьарыктаннын диэммит, былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Граныгар кыттаммыт Skypark ылбыппыт, ону бу саҥа тиэннибит, саас туруоруохпут. Эбийиэктэри өрөмүөннүүргэ субуотунньуктарынан үлэлииргэ былаан ылынныбыт. Маспыт кэрдиитин саҕалаатыбыт. Нэһилиэнньэ спорка кыттарга баҕата улахан.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарын нэһилиэктэрин баһылыктара “Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” бырайыак түстээччитэ уонна салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  физическэй культураҕа уонна маассабай спорка управлениетын начальнига Роман Оконешниковы кытта бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиитигэр илии баттастылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Өрөспүүбүлүкэ физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, физическэй культура уонна маассабай спорт управлениетын начальнига Роман Оконешников үрдүк тырыбанаҕа туруоруллубут символическай кнопканы үһүөн бииргэ баттааннар, Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Чэгиэн олохтоох нэһилиэк” бырайыак үлэтэ саҕаламмытын биллэрбиттэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланан, сүргэни улаханнык көтөхпүтэ.

2022 сыл түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн физкультуранан уонна спордунан дьарыктанар дьон ахсаана 54 % тиэрдиллибитэ. 2030 сылга 75 % тиэрдэр сорук турар. Ити курдук, физкультуранан уонна спордунан дьарыктанарга сир ахсын көхтөөх үлэ бара турара үөрдэр.

Баһылай Посельскай,

Дьокуускай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago