«Чэгиэн ыччат — күүстээх өрөспүүбүлүкэ!» аахсыйа ыытыллыаҕа
Ыам ыйын 31 күнүгэр 12 чаастан Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар Табахтан аккаастаныы аан дойдутааҕы күнүгэр аналлаах «Чэгиэн ыччат -– күүстээх өрөспүүбүлүкэ!» аахсыйа ыытыллыаҕа.
Аахсыйаны СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата, Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинискэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ ыытыахтара.
Болуоссакка оҕолорго интерактивнай былаһааккалар, үөрэтэр-сырдатар маастар-кылаастар, Эстрада артыыстарын уонна үҥкүү кэлэктииптэрин кэнсиэрэ, «Доруобуйаҥ туһугар үҥкүүлээ!» флешбом, “ANTI SMOKE BATTLE” аныгы үҥкүү бэстибээлэ, кроссбукинг ыытыллыахтара.
Аахсыйа эдэр көлүөнэ бэйэ доруобуйатыгар кыһалларыгар, табахтааһыны аҕыйатыыга, чөл олоҕу тарҕатыыга уонна табаҕы утары охсуһууга ыччаты сыһыарарга ананар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: