Салгыы
Чэгиэн үлэһиттэр   — хампаанньа ситиһиитин мэктиэтэ

Чэгиэн үлэһиттэр   — хампаанньа ситиһиитин мэктиэтэ

25.04.2023, 19:00
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчытынан, үлэ миэстэтигэр бэйэ доруобуйатын харыстааһын үлэһит үлэтигэр кэлбэт бириэмэтин 27% кыччатарга көмөлөһөр.

Билигин дьон доруобуйатын  харыстабылыгар биир суолталаах хайысханан тэрилтэлэргэ үлэһит доруобуйатын бөҕөргөтөргө корпоративнай бырагыраамалары киллэрии буолар.

Муус устар 24-30 күннэригэр РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ үлэ миэстэтигэр доруобуйаны бөҕөргөтүү бастыҥ быраактыкаларын сырдатыы, тарҕатыы нэдиэлэтин биллэрдэ (муус устар 28 күнүгэр Үлэ харыстабылын аан дойдутааҕы күнүн чэрчитинэн).

Бүгүн СӨ Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховка территориятааҕы пуондатыгар СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уонна Уопсастыбаннай доруобуйа өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ “Миэдик-волонтердары” кытары “Актыыбынай буол – кириэһилэҕиттэн тур” аахсыйаны тэрийдилэр. Ол эбэтэр,  үлэ миэстэтигэр эрчиллиилэри оҥордулар, ону сэргэ  үлэһиттэр хааннарын баттааһынын бэрэбиэркэлээтилэр,  “Барыта – хонтуруолга” аахсыйаны тэрийдилэр.

“Түөскүнэн толору тыын” аахсыйа чэрчитинэн, табаах буортутун туһунан лиэксийэлэри аахтылар.

Үлэҕэ гимнастика комплексын  физическэй култуура уонна маассабай успуорт управлениетын https://www.ufkims14.ru/press-tsentr/novosti/1678-proizvodstvennaya-gimnastika саайтыгар киирэн билсиэххэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: