Чөл мөссүөннээх  Саҥа  дьылынан!

Share

Дьэ, доҕоттоор, «күннээх сампаан», «сухуой кыһыл» утахтаах Саҥа дьыллаан бүттэхпит.

Биир бэйэм итинник кытаанахтык быһаарынным. Эһиги эмиэ аккаастаныҥ диэн сүбэлиибин. Бай, бу Биэтэс кырдьаҕас хайдах буолбутуй, тугу-тугу туойан барда, бэлиэргиттэн «саҥа дьыллаан» кыһыллаан-сампааннаан ырааппыт дуу диэмэҥ. Олох илэҥсэ өйбүнэн олоробун. Кэнним уһаан, баччаҕа кэлиэхпэр диэри төһөлөөх иһэн-аһаан Саҥа дьыллаабыппын, баҕа өттүбүнэн атарабыыс буола сатаабыппын дьэ чуолкайдык оройдотоммун, өлөн хаалбакка өлүөр сылдьарбыттан бэйэм да бэккиһээтим.

Тугу гыныам баарай, эмээхсиним сорудаҕынан үүт, килиэп, таарыччы Саҥа дьыл остуолугар диэн доруобуйабыт кыайар утахтарын Сэбиэскэй сампаан, сухуой сыыһын атыылаһан аҕылаан-мэҥилээн кэлэн, күннээҕи үлэбин толорбучча, аһылыкка ыҥырыллыахпар диэри турбаттык төлөпүөнүм үрдүгэр түстүм. Төлөпүөҥҥэ бэйэм курдук оҕонньор-эмээхсин күнү-күннүктээн ыаһахтаһар бөлөхпүтүгэр саҥа биидьийэ бырахпыттарын интэриэһиргээн арыйбытым, Сибиирдээҕи ханнык эрэ хаппыт үнүстүтүүт бэрэпиэссэрэбин, туохтар эрэ норуоттар икки ардыларынааҕы ассассыйаассыйаларын бэрэсидьиэнэбин диир учуонай быһыылаах, этэ-тыына, кэпсии, туох эрэ хомурдуостар курдуктары ойуулаан көрдөрө аҕай турар эбит.

Өйдөөн-дьүүллээн истибитим, субу атыылаһан аҕалбыт сампааным, сухуойум, пахыый, атарааба, дьаат астара эбит буолбаат! Кырасынадаар кыраайыгар оҥороллор үһү. Бинэгирээт отон хас да суордун утаҕар ити хомурдуос курдук ас көөнньөрөр доруоһа тыыннаах бахтыарыйаларын ыыталыыллар эбит. Онтулара минньигэһимсэхтэрэ, саахарымсахтара сүрдээх, истэрэ үллүөр диэри сиэн-сиэн баран, ииктээн кэбиспиттэрин – С2Н5ОН диэн этиилэбэй испиири сухуой, кыһыл арыгы дии-дии амтаһыйа иһэр эбиппит.

Итинник утахтарын бытыылкаларга кутан, ыга бүөлээн баран хараҥа, чуумпу бадыбаалга икки сыл туруораллар. Онтон эмискэ сырдык уотунан тыктардахтарына, били бахтыарыйалар баҕайылар соһуйан, куттанан убаҕаһынан сыптарыйан, эбиитин гаастарын таһааран бирилэтэн кэбиспиттэрэ кырылыы-кыынньа оонньуур «уоттаах сампааныскай» буолан тахсар! Ол ыырынан-дьаарынан муннуга бэрдэрэ-бэрдэрэ Саҥа дьыл түүн 12 чааска дьахтардыын баҕастыын астына сыпсырыйар эбиппит.

Аҕынньым төлүннэ, аата сүрүн… Аат аһынан аны Саҥа дьыллаан бэрт… Нууччалыы «здоровый образ жизни – ЗОЖ», сахалыы “ чөл мөссүөннээх олоҕу – ЧМО-ну” тутуһуом. Чөл мөссүөннээх Саҥа дьылынан!

Биэтэс Билээхэп

What’s your Reaction?
+1
9
+1
1
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2019 сылтан мэдиссиинэ 106 эбийиэгэ тутуллубут

"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак иитинэн, Саха сиригэр 2019 сылтан  доруобуйа харыстабылын 106 саҥа эбийиэгэ тутуллан…

7 часов ago
  • Гороскоп
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба: 2025 сыл үп-харчы өттүнэн тугу тосхойор эбитий?

2025 сыл үп-харчы өттүнэн тугу тосхойор, маанылыыр уонна сэрэтэр эбитий?  Хой Хой бэлиэлээхтэр үбү-харчыны аҕалар…

8 часов ago
  • Сонуннар

Тохсунньуттан хамнас алын кээмэйэ үрдүөҕэ

2025 сылга  Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ 22440 солк. быһыллыа.  Бу саҥа сылга Арассыыйа үрдүнэн хамнас…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Федеральнай бырагыраама көмөтүнэн Саха сиригэр 95 оскуола өрөмүөннэммит

Саха сиригэр 95 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан түмүктэннэ. Мантан 17 оскуолата хотугу  эргимтэҕэ сытар улуустарга…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээн Бэстээҕэр көмөҕө оробуочай бөлөх айаннаата

Бу сарсыарда Эдьигээн улууһун Бэстээҕэр хочуолунай умайбытынан соторутааҕыта суһал ыстаапка СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников…

10 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Ойуун эттэтиитэ

Биллэр Сэбиэскэй этнограф Андрей Александрович Попов «Получение шаманского дара у Вилюйских якутов» диэн кинигэтэ 1947…

10 часов ago