Амма улууһа Саха сирин саамай кэрэ айылҕатынан эрэ буолбакка, туруу үлэһит дьонунан эмиэ баай. Амма улууһун уонна Соморсун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, киэн туттар уонна ытыктыыр киһилэрэ Семен Семенович Рязанскай аҥаардас үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, бэйэтин кэмигэр түөлбэ, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр кыттан аатын ааттаппыт киһи. Кини бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор билигин даҕаны көхтөөхтүк кыттар, эдэр дьоҥҥо холобур буолар, ыччаты үтүөҕэ угуйар, чөл олоххо уһуйар.
Семен 1943 с. ыам ыйын 27 күнүгэр Амма оройуонун Сулҕаччы нэһилиэгэр 5 оҕолоох Рязанскайдар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа сэрии, ол кэннэ дойдуну чөлүгэр түһэрии кэмигэр ааспыт буолан, Семен үлэҕэ эриллэн-мускуллан улааппыта. Кыратыттан бэйэтин чэбдигирдэргэ, кыанар буоларга эрчийэн, успуордунан дьарыктаммыта. Ол сылдьан Семен Семенович биир дойдулаахтарын – номоххо киирбит Бөҕө Тоҥуһу уонна учууталын, педагогическай үлэ бэтэрээнин Петр Петрович Тарабукины успуорка сирдиир суолдьут сулус оҥостубута. Аҕа табаарыстарыгар успуорка уһуйуллан-такайыллан Сеня Рязанскай 15 саастааҕар хайыһарга оҕолор ортолоругар улуус чөмпүйүөнүнэн буолбута.
Семен Семенович 1968 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ, ол кэннэ 1979 сыллаахха Хабаровскайдааҕы ХГИФК бүтэрэн баран, 50-ча сыл физкультура учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн дэгиттэр сайдыылааҕын, көҥүл тустууга, хапсаҕайга, хайыһарга, гиирэни анньыыга, чэпчэки атлетикаҕа уонна ГТО многоборьетыгар Амма улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнинэн сылдьыбыта да кэрэһилиир. Эдэр сылдьан Семен Рязанскай хапсаҕайга улуус уонна Уһук Илин 5 куоратын абсолютнай чөмпүйүөнэ, Хабаровскай кыраай чөмпүйүөнэ уонна призера, тустууга улуус хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна призера этэ.
Бастаан Бөтүҥ, Абаҕа, онтон 1976 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри Соморсун оскуолатыгар физругунан үлэлээбитэ. Нэһилиэгэр билигин даҕаны чөл олоҕу 50-н тахса сыл пропагандалаан, биллиилээх спортсменнар тустарынан лиэксийэлэри ааҕан кэллэ.
Сааскы ылааҥы күннэргэ нэһилиэнньэ хайыһарга маассабай тахсыыта тэриллэр. Сэбиэскэй кэмҥэ, 1982 сылтан 1987 сс. ыытыллыбыт Абаҕа – Соморсун – Сулҕаччы нэһилиэктэрин табаарыстыы көрсүһүүлэрин күрэхтэһиилэригэр С.С. Рязанскай бэлэмнээбит Соморсун нэһилиэгин хамаандата хас да сылы быһа бастакы миэстэлэргэ тахсыталаабыта диэн үөлээннээхтэрэ астына-дуоһуйа ахталлар.
Физругунан үлэлээбит сылларыгар 32 успуорт маастарын уонна маастарга хандьыдааты, 400-тэн тахса бастакы уонна 700-кэ маассабай разрядтаах спортсменнары иитэн таһаарда. Үөрэппит оҕолоруттан 15 киһи физкультура учуутала уонна тренерэ буолбуттара. Кинилэр ортолоругар көҥүл тустууга Анатолий Баранов, Петр уонна Иван Неустроевтар, Николай Устинов, Алексей Бубякин, дуобакка Анастасия Собакина, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дуобатчыт-бырааттыы Аргуновтар уо.д.а. бааллар.
Сааһыран да баран успуорду өрө тутар. Хайыһарга инбэлииттэр адаптивнай күрэхтэһиилэригэр сыл аайы кыттан бэйэтин бөлөҕөр бастакы миэстэни ситиһэр.
Семен Семенович туһунан доҕотторо, билэр дьоно, биир дойдулаахтара олус көнө, судургу, сытыары-сымнаҕас майгылаах, чиэһинэй үлэһит киһи диэн сыаналыыллар. Ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тириэрдэр майгылаах, олус сүрэхтээх, дьулуурдаах дьирээ киһи.
Учууталлыы сылдьан кини оскуолатыгар мэлдьи саҥаны, сонуну, кэскиллээҕи киллэрэргэ дьулуһар эбит. Үөрэтэр оҕолорун уруоктарыгар эрэ буолбакка, ону ааһан үөрэх кэннэ успуордунан утумнаахтык дьарыктаналларын ситиспит. Урукку үөрэнээччилэрэ уруокка хамсаныылаах оонньуулары туһанар буолан, кини ыытар уруоктарын олус сөбүлүүрбүт диэн ахталлар.
Оскуолаҕа үлэлиир кэмигэр улахан болҕомтотун мөлтөх доруобуйалаах оҕолорго уурара. Кинилэри кытта туспа анал бырагыраама оҥостон дьарыктыыра. Дэгиттэр сайдыылаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх учуутал бэйэтэ сынньанары билбэккэ, оскуола оҕолорун тустууга, дуобакка, остуол тенниһигэр уонна чэпчэки атлетикаҕа дьарыктаан, үгүс ыччаты успуорт киэҥ эйгэтигэр таһаарбыта.
Семен Рязанскай аата кэнники сылларга ырыа-тойук күрэхтэригэр элбэхтик ааттанар. Кини кэнники сылларга аны ырыаны-тойугу олоҕун аргыһынан оҥоһунна.
«Кэхтибэт, үөрэппит үтүөҥ…» Христофор Максимов аатыгар аналлаах ырыа күрэҕэр «Биригэдьиир Марыына» дэгэрэҥ ырыаны толорон көрөөччү биһирэбилин ылбыта. «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ыытар «Эн – сулускун!» ырыа күрэҕэр эмиэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Нэһилиэгин бырааһынньыгын аайы сыанаттан түспэт толорооччу.
Аны туран, дьаҥ турбут кэмигэр, олохтоох бибилэтиэкэ бары тэрээһиннэригэр ырыанан-тойугунан кыттан дьонун-сэргэтин сэргэхсиппитэ. Култуура сылыгар хоһоон ааҕааччылар куонкурустарыгар, инбэлииттэр улуустааҕы патриотическай ааҕыыларыгар, Үһүс саас оскуолатын онлайн ааҕыыларыгар көхтөөхтүк кыттан элбэх наҕараадаҕа тиксибитэ. Бэйэтэ этэринэн, ордук Платон Ойуунускай уонна Семен Капитонов хоһооннорун табыллан ааҕар.
Семен Семенович Рязанскай Амма улууһун успуордун бэтэрээнэ, көҥүл тустууга маастарга хандьыдаат, хайыһарга, хапсаҕайга, чэпчэки атлетикаҕа разрядтаах спортсмен. Киниэхэ 1986 сыллаахха «РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна» аат иҥэриллибитэ. Бу иннинэ кини комсомол Киин кэмитиэтин «Оҕо успуордун бастыҥ тэрийээччи» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Үлэ бэтэрээнэ, Соморсун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо С.С. Рязанскай «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин 20 сыла», «СӨ физкультура уонна успуорт сайдыытыгар кылаатын иһин» мэтээллэринэн, «РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна», ЫБСЛКС КК «Оҕо успуордун актыыбынай тэрийээччитэ», «РФ Норуотун үөрэҕириитин туйгуна», «СӨ үөрэҕин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ», «СӨ физическэй култууратын уонна успуордун бэтэрээнэ», «Учууталлар учууталлара» бэлиэлэринэн, Саха АССР Үөрэҕин министиэристибэтин, «Урожай» ДСО Москватааҕы сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан, барыта 200-чэ дипломунан, грамотанан наҕараадаламмыта. «Советская женщина» сурунаал успуорка аналлаах викторинатыгар кыттан Москватааҕы «Олимпиада-80» анал бирииһинэн, ЫБСЛКС КК вымпелынан бэлиэтэммитэ.
Ити курдук успуорду, ырыаны-тойугу олоҕун аргыһа оҥостубут Амма улууһун Соморсун олохтооҕо Семен Рязанскай олох үөһүгэр сылдьар, ыччаты кэрэҕэ, чөл олоххо уһуйар, угуйар.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…