Челябинскайга үөрэнээччи кылааһынньыктарын өтүйэнэн саайталаабыт
Челябинскай куорат 68-с №-дээх оскуолатыгар үөрэнээччи кылааһынньыктарын уонна учууталларын өтүйэнэн саайталаабытын туһунан РБК саайт суруйар. Эрэгийиэн былааһын дааннайдарынан, госпитализацияламмыт эчэйээчччилэр бааллар үһү.
Быһылаан миэстэтигэр быраабы араҥаччылааччылар, куорат баһылыга уонна Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах үлэлииллэр. Силиэстийэ саҕаланна. Уобалас баһылыга Алексей Текслер үөрэнээччи оскуола иһигэр өтүйэни хайдах киллэрбитин, тоҕо харабыллар көрбөтөхтөрүн соһуйа этэр. Кини тустаах уорганнарга, биэдэмистибэлэргэ быһылаан тула быһаарсарга уонна атын үөрэх кыһаларыгар бэрэбиэркэни ыытар туһунан соруйбут.
РБК атын источниктарга сигэнэн суруйарынан, үөрэнээччи 13 дуу, 16 дуу саастаах эбит. Коррекционнай оскуолаҕа үөрэнэр, үрүксээгэр өтүйэни уктан киирбит. Быһылаан сарсыарда 9 чаас саҕана буолбут. Кини уруок кэмигэр кылааһынньыктарыгар саба түһэн, үс оҕону эчэппит — икки кыыһы уонна биир уолу.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: