Чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйатааҕы чөмпүйэнээккэ Саха сирин спортсменнара үс кыһыл көмүс мэтээли ыллылар
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата чэпчэки атлетикаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах Арассыыйатааҕы чөмпүйэнээккэ өссө эбии үс кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.
Ол туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай хамаандалары бэлэмниир киинигэр иһитиннэрдилэр. Күрэхтэһии иккис күнүгэр 400 миэтэрэ дистанцияҕа сүүрүүгэ Саргылаан Семенов хамаандаҕа бастакы кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастардара кыттыылаах сытыы киирсиигэ саха спортсмена бүтэһик эргииргэ инники тахсан, бастакы миэстэҕэ тисгитэ. Бу дистанцияҕа Саргылаан Семенов бэйэтин тус рекордун олохтоото.
Василина Иванова бастакы күн ядрону анньыыга кыайбыт буоллаҕына, бу сырыыга диискэни быраҕыыга кыһыл көмүс мэтээли ылла. Итини кытта иккис кыһыл мэтээлин Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын лидерэ Айтал Сивцев ылла. Кини 30 миэтэрэ ыраахха диискэни быраҕан, эрэллээхтик кыайыылаахтар истэригэр киирдэ. Үрүҥ көмүс мэтээли диискэни быраҕыыга Виктория Петрова ылла. Бу иннинэ кини эмиэ Арассыыйа чөмпүйэнээтин ядроны анньыыга иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксибитэ. Инникитин спортсменнар Чувашияҕа күрэхтэһиитигэр кытталлара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: