Чэпчэки атлетикаҕа  түөрт саха спортсмена Олимпиадаҕа сүүрүөхтэрэ

Share

Парижка ыытыллар Олимпийскай оонньууларга марафоҥҥа саха спорстменнарын ортолоругар Сардаана Трофимованы таһынан түөрт саха спортсмена кыттыаҕа. Ити курдук, Саха сирин чэпчэки атлетикаҕа спорстменнар «любителлэр» ортолоругар кыттыахтара.

Кинилэр күрэхтэрэ олимпийскай оонньууларын официальнай марафонун иннинэ эрдэ ыытыллыаҕа. Оттон атырдьах ыйын 11 күнүгэр кинилэр биир дойдулаахтарыгар Сардаана Трофимоваҕа ыалдьыахтара.

Ол курдук, түөрт саха спортсмена Роман Саввин, Марфа Оконешникова, Ольга Артемьева уонна Наталья Мясникова Парижка ыытыллар «любителлэр» марафонугар кыттар кыахтаннылар. Тэрийээччилэр мобильнай сыһыарыыларын нөҥүө спортсменнар сордухтаах аахсыйаларга кыттыбыттара. Аан дойду үрдүнэн бу аахсыйаҕа уопсайа 300 мөл. кэриҥэ киһи кыттыбыта биллэр. Сорудаҕы толорбут дьон ахсааныттан көмпүүтэр «любителлэр» сүүрүү кыттыылаахтарын талбыт, олор ортолоругар саха спортсменнара кыттар чиэскэ тигистилэр.

«Любителлэр» марафоннара атырдьах ыйын 10 күнүгэр Париж куорат бириэмэтинэн киэһэ 21:00 чаастан саҕаланар, онтон балтараа чаас кэннэ марафон кыттыылаахтара сүүрүөхтэрэ. Маршрут Гран- опера, Вандом болуоссата, сад Тюри, лувр пирамидата, Сөбүлэһии болуоссата, улахан дыбарыас, троокадер, Версаль уонна Эйфель башнятын нөҥүө ааһыаҕа. Оттон бу трассаны атырдьах ыйын 11 күнүгэр Сардаана Трофимова кыайар.

«Парижка Сочи, Ереван уонна Рим нөҥүө көтөн тиийэбин. Олимпийскай оонньуулар чахчы олус долгутуулаах тэрээһин. Трасса уустук уонна үрдүк күүрүүлээх буолуоҕа дииллэр. Сарсыҥҥы күнүгэр Сардаанаҕа хайаан да ыалдьыахпыт, өйүөхпүт», — диэн Роман Саввин санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай пуонда биэнсийэни уонна оҕо босуобуйатын эрдэ төлүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…

37 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Моҕой сыла хайдах буолуой?

Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…

1 час ago
  • Сонуннар

Махталбын биллэрэбин

Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

5 часов ago