Чэпчэки харчыны эккирэтэн, түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэримэҥ
Интэриниэккэ араас солуута суох элбэх гынан баран, ол кэтэҕэр түөкүттэр олороллорун хантан билиэҥий.
Холобурдар: биэнсийэлээх дьиэҕэ олорон үлэлээ диэн биллэриини сэҥээрбит. Баара-суоҕа бэйэҥ каартаҕар харчы түстэҕинэ, ону атын счекка ыытан эрэ кэбиһиэххин наада. Бэйэтигэр дьоҕус бырыһыаны хаалларынар. Биэнсийэбэр эбии-сабыы оҥостуом диэбитэ ханна баарый, дьон бааҥҥа сытыарар счеттарыттан уоруллубут харчыны куоттарар схемаҕа киирэн биэрээхтээбит.
Эдэр ийэ интэриниэккэ оҕотун кыччаабыт таҥаһын атыылыырга санаммыт. Сотору киниэхэ “атыылаһааччы” суруйбут уонна мин оннубар харчыны бэйэҥ каартаҕар түһэртэр, ол өҥөҥ иһин бырыһыан төлүөм диэн эрэннэрбит. Ийэ сөбүлэспит, инньэ гынан каартатыгар атын счеттан уоруллубут харчы кэлэн түспүт.
Онон үлэ биэрээччи кимин-тугун эппэт, чэпчэки баҕайытык харчы өлөрүөҥ, харчы ыытыахпыт диэн каартаҕын эбэтэр счеккун көрдүүр буоллахтарына киирэн биэримэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: