Пассажирдары таһыыны субсидиялааһын федеральнай бырагырааматын иитинэн, Дьокуускай, Мииринэй, Полярнай, Нерюнгри аэропортарыттан көтүүгэ сорох категория гражданнар чэпчэтиилээх билиэтинэн туһаналлар.
2023 сылга субсидиялаах тарыыбынан дьону «Якутия», «АЛРОСА», «Аэрофлот», «Сибирь» авиахампаанньалар маннык хайысхаларынан таһыахтара:
«Якутия» АХ: Дьокуускайтан Владивосток, Екатеринбург, Минеральные Воды, Новосибирскай, Санкт-Петербург, Сочи, Южно-Сахалинскай куораттарга итиэннэ Нерюнгриттан Москваҕа, Новосибирскайга;
«АЛРОСА» АХ: Мииринэйтэн Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга итиэннэ Полярнайтан Москваҕа, Новосибирскайга;
«Сибирь» АХ: Дьокуускайтан Екатеринбург, Владивосток, Минеральные Воды, Уфа куораттарга, маны таһынан Мииринэйтэн Санкт-Петербург куоракка;
«Аэрофлот» АХ: Дьокуускайтан Москваҕа.
Уһук Илин бары олохтоохторугар (сааһынан хааччахтааһын суох) Дьокуускай, Мииринэй, Полярнай аэропортарыттан бу сылга маннык хампаанньалар үлэлиэхтэрэ.
«Аэрофлот» АХ: Дьокуускай – Москва;
«Якутия» АХ: Дьокуускай – Санкт-Петербург, Нерюнгри – Москва;
«АЛРОСА» АХ: Мииринэй – Москва, Мииринэй – Санкт-Петербург, Полярнай – Москва.
Тарыыптар былырыыҥҥынан хаалбыттар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…