Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө бөдөҥ авиа-хампаанньалар чэпчэтиини биллэрдилэр. «Якутия» авиа-хампаанньа кулун тутар 7-8 күннэригэр бары хайысхаларынан бастайааннай рейстэригэр барыларыгар 35%-наах чэпчэтиини биллэрдэ.
Чэпчэтиилээх билиэттэр бу икки эрэ күн атыыланыахтара. Бу күннэргэ атыыласпыт билиэттэринэн маннык кэмҥэ көтүөххэ сөп: кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 24 күнүгэр диэри уонна балаҕаны ыйын 15 күнүттэн алтынньы 26 күнүгэр диэри.
Чэпчэтиилэр субсидиялаах билиэттэртэн ураты, бары бастайааннай рейстэргэ (ол иһигэр Харбиҥҥа, Казаньҥа көтүүгэ эмиэ) 12-тэн үөһээ саастаах пассажирдарга оҥоһуллаллар.
«Якутия» хампаанньа олунньу 23 күнүн көрсө эмиэ чэпчэтиилээх билиэттэри атыылаабыт. Маннык аахсыйалары сыл аайы оҥорор. Онон сынньалаҥы эрдэттэн былааннаан, билиэттэри эрдэ ылан, айаҥҥа ороскуоту биллэ көҕүрэтиэххэ сөп.
Маны тэҥэ, S7 хампаанньа кулун тутар 19 күнүгэр анал каарталаах дьоҥҥо 50%-ҥа диэри чэпчэтиилэри оҥорор.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…