Салгыы
Чэпчэтиилээх билиэттэр болдьохторо уһаата

Чэпчэтиилээх билиэттэр болдьохторо уһаата

27.02.2023, 19:00
https://www.yakutia.aero/o-nas/novosti-aviakompanii/912/
https://www.yakutia.aero/o-nas/novosti-aviakompanii/912/
https://www.yakutia.aero/o-nas/novosti-aviakompanii/912/
Бөлөххө киир:

Олунньу 27 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа Уһук Илиҥҥэ олорор дьоҥҥо чэпчэтиилээх билиэттэри атыылыыр болдьоҕун уһатта.

Маннык маршруттар уонна тарыыптар бааллар:

— Дьокуускай-Новосибирскай, 10 000 солкуобай;

— Новосибирскай-Нерюнгри, 9000 солкуобай.

* — бу тарыыптар төннөн кэлэргэ эмиэ сыһыаннаахтар.

* — миэстэ ахсаана хааччахтаах.

Билиэттэри атыылааһын уонна көтүү болдьоҕо – кулун тутар 31 күнүгэр диэри.

Бу тарыыптар субсидиянан түөртэ көтүү ахсааныгар киирбэттэр.

Чэпчэтиилээх билиэккэ 2-гэр диэри саастаах оҕолор босхо (миэстэтэ суох), 2-12 саастаах оҕолор – тарыыптан 25% чэпчэтиилээх (миэстэлээх).

Билиэттэри ханнык баҕарар авиакаассаҕа пааспардаах тиийэн атыылаһыахха сөп диэн «Якутия» авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Чопчу информацияны авиахампаанньа төлөпүөнүнэн: 8 800 700 2190, эбэтэр, электроннай буостанан info@yakutia.aero билсиэххэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 февраля
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: