Чэпчэтиилээх ипотекаҕа харчы көрүлүннэ
24.10.2024, 15:20
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Премьер-миниистир Михаил Мишустин эбии 500-чэкэ миллиард солкуобайы чэпчэтиилээх ипотечнай бырагыраамаларга ыытта. Бу барыта Арассыыйа Баанын сүрүн ыстаапката үрдүүрүн кытта сибээстээх диэн «Российская газета» саайт иһитиннэрэр.
Бырабыыталыстыба резервэҕэ тута сытар пуондатыттан 446, 9 миллиард солкуобайы биэрдэ. Бу мантан 142 миллиард “Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” барар, оччотугар бырагыраама 6%-нын тутан хаалар. 269,8 миллиард “Чэпчэтиилээх ипотека” чэрчитинэн эрдэ бэриллибит кирэдьииттэр бырыһыаннарын субсидиялыырга барар итиэннэ 35,1 миллиард “Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотекаҕа” тиийиэ.
+1
6
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: