Ыам ыйын 2 күнүгэр Пасха иннинээҕи Чэбэр чэппиэр бэлиэтэнэр. Бу күн дьиэни-уоту хомуйаллар, бөхтөрүн быраҕаллар, сууналлар, ыраастаналлар. Киэһэлик кулич, пасха буһараллар. Өссө бу күн православнай христианнар Чэппиэрдээҕи туус диэни оҥорон, харысхал курдук туһаналлар.
Чэппиэрдээҕи тууһу араас ырысыабынан оҥороллор:
Туус сойбутун кэннэ, мөһөөччүккэ кутан, харайаллар. Пасха кэмигэр сымыыттары, куличтары кытта таҥара дьиэтигэр илдьэн, сибэтии гыннараллар, оччоҕо эрэ сибэтиэй күүстэнэр диэн итэҕэйэллэр.
Чэппиэрдээҕи туус сорбент курдук, куһаҕаны барытын оборон ылар. Амтана соччото суох да буоллар, аска приправа курдук кыратык кутан, аһы алгыстаах оҥороллор. Остуолга туспа туус иһитигэр кутан туруораллар, оччоҕо дьиэҕэ уйгу-быйаҥ баар буолар.
Бу мөһөөччүк туус эһиилгэ диэри тиийиэхтээх. Атын күҥҥэ оҥоһуллубат. Аан таһыгар атах соттор көбүөр анныгар куттахха, дьиэ харысхаллаах буолар.
Дьиэҕэ иирсээн тахсыбатын туһугар — орон баһыгар таммалата түһээт: «Солю, мир не делю. Роду достаток. Будет порядок. Аминь!» диэн ботугурууллар. Эбэтэр, сыттык анныгар угаллар.
Ыарыйдахтарына —б ыстакаан ууга кымаах тууһу кутан баран, булкуйа туран: «Как соль огнем калилась, так чтобы тело (имя человека) здоровьем налилось. Аминь!» диэн ботугурууллар. Онтон иһэн кэбиһэллэр.
Туох да табыллыбат буоллаҕына — дьиэни кэрийэ сылдьан, муннуктарыгар чэппиэрдээҕи тууһу таммалаталлар, «Уходи, беда! Аминь!» диэн сибигинэйэллэр.
Куһаҕан санаалаах киһи дьиэҕэ киирдэҕинэ — ыалдьыт тахсыбытын кэннэ, кини барбыт сирин диэки ытыс тууһу ыһаллар. Үстэ «отче наш» мэлииппэни ааҕаллар.
Кыра оҕону харыстыыр туһуттан — оҕо суунар уутугар кымаах тууһу куталлар.
Кырдьыбат туһуттан — дьахталлар бу туустаах уунан сирэйдэрин сууналлар.
Ыраах айаҥҥа барарга — кыра мөһөөччүккэ кутан, таҥастарыгар тигэн, илдьэ бараллара.
Сүөһү ыалдьыбатын туһугар — хотон муннуктарыгар куталлара.
Харыстанар туһуттан — мэлииппэ (алгыс) ааҕа-ааҕа, кымаах тууһу оройдоругар кутталлар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…