Чэриктэй оҕолоро кырдьаҕастарга көмөлөһөллөр
Күнү-дьылы баттаһа Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах дэкээдэ иитинэн Уус Алдан улууһун Чэриктэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ олохтоох кырдьаҕастарга тиийэн мастарын хайытан, саһааннаан биэрбиттэр.
Ол курдук, 8-с, 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ Босиков Владимир Ильичка уонна 6-с, 7-с, 9-с, 10-с кылаас оҕолоро кылаас салайааччыларын, эр дьон учууталлары кытта Васильева Любовь Николаевнаҕа мас хайыппыттар, саһааннаабыттар.
“Бүгүн 8-с, 11-с кылаас оҕолоро, оскуола кэлэкиибэ кэлэн биир бырысыап маһы хайытан саһааннаан биэрдилэр. Үөрүүлээҕэ, 1968 с. оскуоланы бүтэрбит дьон оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн көмөлөспүттэрэ эдэр сааспын санатта. Оҕолорбор күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа махтал! Үөрэххитигэр, үлэҕитигэр ситиһиини, доруобуйаны” – диэн нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Владимир Ильич махталын биллэрэр, үөрүүтүн үллэстэр.
“Мин санаабар, оҕо бу курдук күргүөмүнэн үлэҕэ сылдьан элбэххэ үөрэнэр, эт-хаан да өттүнэн сайдар. Биһиги оскуолабыт оҕолоро, үлэһиттэрэ бу иннинэ эмиэ соҕотох олорор кырдьаҕаспытыгар Борисова М.Н. баран маһын хайытан, саһааннаан биэрбиттэрэ, бэтэрээн учууталбыт Соловьева М. В. хортуоскатын хостоон көмө буоллулар. Оҕо маны барытын көрөн, кырдьаҕаска, кыаммакка куруутун илиитин утары уунар киһи буола улаатар” – диэн 8-с кылаас салайааччыта Любомира Дмитриева санаатын үллэстэр.
Бу биир-икки күннээх үтүө холобурунан бүтүн оскуола оҕону үлэҕэ үөрэтиитин, төрүт үгэскэ сыһыарыытын, аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы бэлиэтин көрдөрөр. Аныгы тимуровецтар үксүү турдуннар!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: