Чэриктэй оҕолоро кырдьаҕастарга көмөлөһөллөр

Share

Күнү-дьылы баттаһа Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах дэкээдэ иитинэн Уус Алдан улууһун Чэриктэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ олохтоох кырдьаҕастарга тиийэн мастарын хайытан, саһааннаан биэрбиттэр.

Ол курдук, 8-с, 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ Босиков Владимир Ильичка уонна 6-с, 7-с, 9-с, 10-с кылаас оҕолоро кылаас салайааччыларын, эр дьон учууталлары кытта Васильева Любовь Николаевнаҕа мас хайыппыттар, саһааннаабыттар.

“Бүгүн 8-с, 11-с кылаас оҕолоро, оскуола кэлэкиибэ кэлэн биир бырысыап маһы хайытан саһааннаан биэрдилэр. Үөрүүлээҕэ, 1968 с. оскуоланы бүтэрбит дьон оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн көмөлөспүттэрэ эдэр сааспын санатта. Оҕолорбор күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа махтал! Үөрэххитигэр, үлэҕитигэр ситиһиини, доруобуйаны” – диэн нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Владимир Ильич махталын биллэрэр, үөрүүтүн үллэстэр.

“Мин санаабар, оҕо бу курдук күргүөмүнэн үлэҕэ сылдьан элбэххэ үөрэнэр, эт-хаан да өттүнэн сайдар. Биһиги оскуолабыт оҕолоро, үлэһиттэрэ бу иннинэ эмиэ соҕотох олорор кырдьаҕаспытыгар Борисова М.Н. баран маһын хайытан, саһааннаан биэрбиттэрэ, бэтэрээн учууталбыт  Соловьева М. В. хортуоскатын хостоон көмө буоллулар. Оҕо маны барытын көрөн, кырдьаҕаска, кыаммакка куруутун илиитин утары уунар киһи буола улаатар” – диэн 8-с кылаас салайааччыта Любомира Дмитриева санаатын үллэстэр.

Бу биир-икки күннээх үтүө холобурунан бүтүн оскуола оҕону үлэҕэ үөрэтиитин, төрүт үгэскэ сыһыарыытын, аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы бэлиэтин көрдөрөр. Аныгы тимуровецтар үксүү турдуннар!

Хаартыска: Чэриктэй оскуолатын ВК сирэйиттэн.
Хаартыска: Чэриктэй оскуолатын ВК сирэйиттэн.
What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Инбэлииттэр ОСАГО 50%-нын толуйар бырааптаахтар

Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата инбэлииттэргэ ОСАГО 50%- нын толуйар. Төлөбүр сыл устата биир…

15 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри улууһугар суол быһылаана таҕыста

Ахсынньы 12 күнүгэр эбиэттэн киэһэ 16 чаас саҕана 378-Нерюнгри айан суолугар суол быһылаана таҕыста. Бу…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Хотугу сир ыҥырыыта» — ааһан эрэр сыл боксаҕа сүрүн турнира

Сарсын, ахсынньы 14 күнүгэр, киэһэ 17.00 чаастан «Триумф» успуорт уораҕайыгар «Хотугу сир ыҥырыыта»/«Вызов Севера» профессиональнай…

44 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр чоҕу хостуур шахта суулунна

Саха сиригэр чоҕу хостуур шахтатыгар хайа маассата суулунна. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбытын туһунан Cаха сиринээҕи ЫБММ…

50 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Уус Алдан олохтооҕо дьүөгэтин өлөрүүгэ буруйданна

Чурапчытааҕы Силиэстийэлиир кэмитиэтин Ис Дьыалаҕа управлениетын отдела хомуйбут дакаастабылынан Бороҕон сэлиэнньэтин 40 саастаах дьахтара буруйдааҕынан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылтан  суоппардарга ыстараап 50% үрдүө

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа көрүллүбүт сокуон барылынан, холобур, тырааныспарынан 40 км/ч түргэн тэтимнээхтик сырыы иһин ыстараап 500…

2 часа ago