Салгыы
Чөркөөх эр дьоно быһыт оҥордулар

Чөркөөх эр дьоно быһыт оҥордулар

21.10.2022, 20:24
Бөлөххө киир:

Сыл аайы Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин эр дьоно анаан субуотунньуктаан, Таатта үрэҕэр быһыт оҥорон, уунан толороллор. 

Быйыл эмиэ үгэс быһыытынан 40-ча эр киһи мустан үрэххэ быһыт оҥордулар. Бу туһунан Ытык сүбэ чилиэнэ Гаврил Вырдылин маннык кэпсиир:

— Үрэхпит уута баран хаалан, сүөһү да уулуур уута суох буолар. Былырыын сүбэлэһэн баран, урукку буор быһыты таас аҕалан эбэн иһэбит. Бастаан утаа буорунан быһар этибит да, халаан уута быһыппытын сууйан ааһара.  Тааттаҕа таас диэн суох. Ол иһин Амматтан уонна Алдантан, Аллараа Бэстээхтэн, Хачыкааттан өрүс тааһын тастарабыт.  Ыраах айан суоппардара өйөөн абыраатылар. Ол курдук, Евгений  Федосеев Аллараа Бэстээхтэн иккитэ таас тиэйэн аҕалла. Харбалаахтан Петр  Прохоров хаста да таста. Балтараа ый устата 40-тан тахса эр киһи солбуйса сылдьан, быһыппытын оҥорууга  суббуотунньуктаатыбыт.  Быйыл үрдэтэн, Таатта үрэх толору уулаах турар гына оҥордубут.

Октябрьскай нэһилиэгин эр дьонун түмсүүтэ 2020 сыллаахха  тэриллибитэ.  2019 сыллаахха баһылыгынан  талыллан баран, Андрей Семенов эр дьон түмсүүтүн уонна Ытык сүбэни тэрийбитэ.  Эр дьон түмсүүтүн Василий Эртюков  салайар. Оттон Ытык сүбэ үлэтин уруккута  «Таатта» сопхуос бастыҥ  тырахтарыыһа, суоппара, 85 саастаах Алексей Новгородов сүрүннүүр.
Мантан күһүн Чөркөөх эр дьоно «норуот муҥхатын» тэрийиэхтэрэ. 1000-тан тахса киһи олорор нэһилиэгэр муҥха соботун биир дойдулаахтарыгар түөлбэнэн тарҕатыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: