Чөркөөх түмэлигэр Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон аата иҥэрилиннэ

Share

Бүгүн, ыам ыйын 20 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Ем.Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэлин»  филиалыгар — Чөркөөххө баар историко-мемориальнай түмэлгэ Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон аатын иҥэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата.

Санатан эттэххэ, Таатта улууһугар Чөркөөххө түмэл Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн уонна уопсастыбаннас күүһүнэн тэриллибитэ. Түмэл 1977 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр арыллыбыта.

Түмэл сиригэр-уотугар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан үлэ кэлэктииптэрин күүһүнэн көһөрүллэн аҕалыллыбыт 20 араас тутуу баар. Сүрүн эбийиэктэриттэн биирдэстэринэн XX үйэ саҥатыгар олохтоох маастардар туппут Николаевскай таҥараларын дьиэтэ буолар.

Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон (1906-2005) – суруйааччы, драматург, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Тааттаҕа Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай түмэли, Суоттуга «Доҕордоһуу» музей-заповеднигы төрүттээбитэ.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/4857 көрүөххүтүн сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

1 час ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба. Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы өттүгэр сулустар тугу сүбэлииллэрий?

Күн Чубуку бэлиэтигэр киириитэ үпкэ-харчыга сыһыаны уларытар. Ыһыы-тоҕуу кэмэ ааһан, барытын чопчу былаанныыр, кэмчилиир уонна…

2 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -48 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -48 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

3 часа ago