Бүгүн саха норуотун чулуу уола, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, учуонайа, талааннаах суруйааччыта, бөлөһүөгэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сыла.
Суруйааччыга анаммыт үөрүүлээх тэрээһиннэр төрөөбүт сириттэн Чөркөөхтөн саҕаланнылар. П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннаһын музейыгар “Былатыан Ойуунускай — норуот сүрэҕэр” быыстапка аһылынна. Филология билимин дуоктора, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Варвара Окорокова кэлэн кыттыыны ылла.
Варвара Окорокова суруйааччы олоҕун кэмэ уорааннаах отутус сылларга түбэһэн, атаҕастаныы муҥун да, олох дьолун да толору билэн барбытын дьону долгута кэпсээтэ.
В.Б. Окороковаҕа Ойуунускай аатын үйэтитиигэ махтанан туран, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Захаров «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин», Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Андрей Семенов «Нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэри туттардылар.
Маны тэҥэ Судаарыстыбаннас түмэлигэр улуус салайааччыларын нэдиэлэтээҕи планерката буолла. Мунньаҕы Таатта улууһун баһылын э.т. Руслан Захаров ыытта. Планеркаҕа “Утум” педагогическай түмсүүттэн П.Ф. Кычкина, Чөркөөх орто оскуолатын учуутала Э.Х. Кашкина Чөркөөххө үйэтитии үлэтин кэпсээтилэр.
“Бүгүн Былатыан Ойуунускай төрөөбүт сиригэр Чөркөөххө кэлэн, олохтоох оскуола кэлэктиибэ тэрийбит линейкатыгар сылдьан, санаа атастастыбыт, үөрэнээччилэргэ баҕа санаабытын тиэртибит, — диэн бэлиэтээтэ Руслан Захаров, Таатта улууһун баһылын э.т. — Судаарыстыбаннас түмэлигэр кэлэн, бэрэпиэссэр Варвара Окорокова уонна “Айар” кинигэ кыһатыттан Валерий Луковцев кэлэннэр П.А. Ойуунускай олоҕуттан быһа тардан, дьоҥҥо тиийэр гына кэпсээтилэр. Саҥа көрүҥ быһыытынан улууспутугар баар улахан тэрилтэлэр кэлэн, улуустааҕы мунньахпытын ыыттыбыт”.
Тэрээһиҥҥэ эдэр ыччат элбэҕэ үөртэ. Тааттатааҕы лицей 11 кылааһын үөрэнээччитэ, улуустааҕы “Бастыҥнар хамсааһыннарын” бэрэссэдээтэлэ Афоня Канаев, Халамнаайы күөл үрдүгэр турар “Оҕо куйуурдуу турар” искибиэрин сааскыттан саҕалаан ыраастыахпыт, көрө-харайа сылдьыахпыт, диэн эттэ.
Салгыы мустубут дьон П. Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар, балаҕаныгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ сылдьан, улуу убайдарын сырдык аатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис…
Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 14 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо…
Бэҕэһээ Сунтаар нэһилиэгиттэн 6 км. турар Обоччолоох карьерыттан уолаттар былыргы бизон төбөтүн уҥуоҕун буллулар. [gallery…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр аҕыс буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга түөкүттэр силиэдэбэтэл…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 15 күнүттэн, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка "Идэһэ" дьаарбаҥка үлэтин саҕалыыр. Бу туһунан СӨ тыа…
Саха сирин креативнай индустрията кэскилэ киэҥ, ону бу күннэргэ буолан ааспыт «Цифровой алмаас» федеральнай пуорумҥа…