Чернышевскай уулусса өрөмүөнэ хаһан бүтэр?
Ил Дархан тэлэбиисэринэн быһа эпиирин кэмигэр көрөөччү төлөпүөннээн Дьокуускай куорат Чернышевскай уулуссатын өрөмүөнүн туһунан ыйытта.
Чернышевскай уулусса бу кэрчик суолун туһунан балачча элбэхтик ыйыталларын бэлиэтээн туран, Айсен Николаев маннык быһаарда:
— Саҥа водоузел тутуутунан, Водоканал куорат соҕуруу өттө уунан толору хааччылларын туһугар Чернышевскай уулуссаҕа холооно суох үлэни оҥоро сылдьар. Биллэн турар, маныаха Чернышевскай уулуссанан ааһар сир алдьаммыта хомолтолоох. Водоканал бары үлэтин бүтэрэн баран барытын чөлүгэр түһэриэхтээх. Миэхэ дакылааттаабыттарынан, үлэ бүтэ илик. Кыһыҥҥы кэмҥэ ыытыллар үлэни оҥороору, халлаан тымныйарын кэтэһэллэр. Салгыы гаастар үлэлиэхтээхтэр. Асфальт 2024 сыл бэс-от ыйдарыгар ууруллан бүтүөхтээх.
Водоканал уонна атын хааччыйар тэрилтэлэр туруоруллубут соругу толороллоругар эрэнэбин. Асфалы чөлүгэр түһэрии үлэтигэр үчүгэй бэдэрээтчиттэри сыһыарыахтара. Чөлүгэр түһэрэр үлэлэр таһымнаахтык баралларын куорат да, Бырабыыталыстыба даҕаны былаастара хонтуруоллуулларыгар эрэнэбин. Онон өйдүүргүтүгэр ыҥырабын. Бу Водоканал дуу эбэтэр ханнык эрэ тэрилтэ баҕата буолбатах, куоракка уонунан сыл быһаарыллыбатах сорук быһаарыллар. Куорат соҕуруу өттүн ууннан хааччыйыы аҕыйах утахтан тутуллан турара, ол кыаҕа номнуо тиийбэт этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: