Чернышевскайдааҕы балык собуота чыыр ыаматын, быраҥаатта уонна күндүөбэй личииҥкэлэрин үөскэтээри ыытта

Share

Чернышевскайдааҕы балык собуота балыгы үөскэтэр хампаанньата түмүктэннэ. Ол курдук Бүлүү водохранилищетыгар 31 мөл. быраҥаатта, 900 тыһ. күндүөбэй личииҥкэлэрин, Бүлүү өрүһүгэр 100 тыһ. чыыр ыаматын ыыттылар.

“Балыгы үөскэтии бырамыысыланнас хампаанньалара айылҕаны харыстыыр тэрээһиннэрин чэрчитинэн барар. Быйыл эмиэ былырыыҥҥы саҕа ахсааннаах ыаманы ыыттыбыт. Атырдьах ыйыгар Бүлүү өрүһүгэр балачча улааппыт 20 тыһ. кээчэрэни ыытар былааннаахпыт”, — диир  Чернышевскайдааҕы балык собуотун дириэктэрэ Василий Черепанов.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ балыгы үөскэтии биллэ күүһүрдэ. Балык собуотун дириэктэрэ эппитинэн,  2023 сылга өрүстэргэ уонна күөллэргэ 32 342 298 устуука балыгы ыыппыттар, ол иһигэр 30 827 298 быраҥаатта, 1,5 мөл күндүөбэй личииҥкэлэрин, 15 тыһ. кээчэрэни. Балыгы үөскэтии “Экология” нацбырайыагынан Бүлүү өрүһүгэр, Бүлүүтээҕи, Светлинскэйдээҕи водохранилищеларга, Үөһээ Бүлүүтээҕи Тимир Күндэ күөлгэ ыытыллар диэн суруйар СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Бэрт-Ууһугар «Байанай» күрэхтэһиитэ ыытылынна

Уус Алдан улууһун Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр сэтинньи 23 күнүгэр "Байанай" күнүгэр анаан булчут уолаттар көҕүлээһиннэринэн быыстапкалаах,…

4 минуты ago
  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда

Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн…

19 минут ago
  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

34 минуты ago
  • Сонуннар

Көнөрө буоллар

Аҕыйах хонуктан ыла Дьокуускай уулуссаларынан оптуобустар сырыылара уларыйан, айанньыттар бары саҥа маршруппутугар үөрэнэбит. Сыыһа-халты олорсуу,…

42 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бурматов саҥа сокуону бэлэмнии сылдьар

Госдуумаҕа кыылларга кырыктаах сыһыан иһин ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьаллар. Сокуон барылын көҕүлээччитэ --…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сирин оскуолаларыгар саҥа үөрэх дьылыгар үүнээйини олордуу саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгин Баатара оскуолатыгар тохсунньу ыйтан оҕолор салаат уонна оҕурсу үүннэрэр тэпилииссэлэрэ…

1 час ago