Черскэйгэ ахсынньыга +3 кыраадыс сылыйда
Ахсынньы 20 күнүгэр Аллараа Халыма оройуонун Черскэй бөһүөлэгэр ураты сылаас күн-дьыл: +3 кыраадыс сылаас буолбута бэлиэтэннэ. Илинтэн үрэр сөкүүндэҕэ 3 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы гидро-метео ыстаансыйа (УГМС) гидрометеорологическай киинин начаалынньыгын солбуйааччы Вячеслав Шехиров иһитиннэрэр.
Бу курдук ураты сылаас күн-дьыл Черскэйгэ 1996 сыл ахсынньы 23 күнүгэр буола сылдьыбыт эбит. Онно кыраадыс 3,1 сылааһы көрдөрбүт. Вячеслав Шехиров этэринэн, сылаас салгын Тиихэй акыйаантан кэлбит. Этэргэ дылы, хоту дойдуга маннык күн-дьыл уһаатаҕына, хаар уулларыгар, атах эт ирэригэр тиийэр. Баҕар, остуоруйаҕа курдук, Саҥа дьыл саҕана ньургуһуннар тыллаайаллар?
2016 сыллаахха Черскэйгэ эмиэ ураты сылаас күн-дьыл турбута бэлиэтэммит эбит. Таммах таммалаан, халтараан буола сылдьыбыта бу хаартыскаттан көстөр. Дьэ, бытарҕан тымныылаах Сахабыт сиригэр кыһыммыт ити курдук дьиктилээх буолар эбит.
Оттон өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар билигин 40-45 кыраадыстаах тымныы турар да буоллар, аҕыйах күнүнэн хотуттан сылаас салгын кэлэн, эмиэ сылыйара күүтүллэр. Интэриниэт саайтара билгэлииллэринэн, Саҥа дьыл саҕана өтөрүнэн буолбатах сылаас күн-дьыл — 25-30 кыраадыс тымныы буолуохтаах. Тохсунньу ый эмиэ сылаас (ортотунан -30 кыраадыс) буолара билгэлэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: