Чииптээх ыт оҕоҕо саба түстэ
Алтынньы 26 күнүгэр, Нерюнгригэ чииптээх, кулгааҕар бииркэлээх ыт улаатан эрэр оҕоҕо саба түспүт.
14 саастаах уол табаарыһын кытта Комсомольскай уулуссанан хааман истэҕинэ, ыт соһуччу түспүт уонна уол илиитин хаста даҕаны ытырбыт. Тахсыбыт быһылаанынан нөҥүө күнүгэр Силиэстийэлиир кэмитиэт уонна борокуратуура Нерюнгригэ бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын хайдах быһаарар туһунан мунньахтаабыттар. Оҕоҕо саба түспүт ыт чииптээх уонна кулгааҕар бииркэлээх. Буолбут быһылаанынан Нерюнгри баһылыга санаатын үллэстэр:
— Буолбут быһылаанынан туох дьайыыны өссө оҥоруохпутун сөбүн өйдөөбөппүн. Биһиги бэйдиэ сылдьар ыттары тутар биригээдэ үлэтин күүһүртүбүт. Ыты быстах кэмҥэ тутар пуун үлэлиир. Билиҥҥи туругунан приют бырайыагын түмүктээн эрэбит. Мин бастакы солбуйааччым үлэтин бириэмэтин 90% бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга барыыр. Быһылаан тахсыан балтараа чаас иннинэ куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ ыт оҕоҕо түспүт оройуонун бэрэбиэркэлээбиттэрэ, биир да ыт суох этэ. Ыты тутан пууҥҥа илдьиллибитэ. Бу ыт сааһын тухары пууҥҥа иитиллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: