Чиирийэни индюктар, хаастар сэргэхситэллэр
От ыйын түбүктээх, куйаас күннэрэ сатыылаатылар. Оттооһуҥҥа биирдиилээн моой отчуттар кииртэлээн эрэллэр. Онон окко хайдах тахсан эрэллэрин көрө-истэ барыахпыт дии санаан баран, Горнай улууһун Маҕарас сэлиэнньэтин диэки айаннаатыбыт. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Алена Васильева этэринэн, манна билиҥҥитэ Л.Н.Прокопьева кэтэх хаһаайыстыбата ыраах оттуу барбыт. Атыттар киирээри бэлэмнэнэллэр, тиэхиньикэлэрин көрүнэллэр.
Маҕараһы ааһан, Бэрдьигэстээх диэки барыыга айан суолун кытыытыгар Чиирийэ диэн ааттаах сайылык баар.
Бастакы дьиэ таһыгар сылдьар уол оҕоттон манна кимнээх олороллорун туоһуласпыппытыгар: “Эбээм Надя”, – диэн бэрт чобуотук хоруйдаата уонна эбээтин ыҥыра сүүрдэ.
Бу Чиирийэҕэ Григорьевтар сайылаан олороллор. Алексей Григорьев олохтоох “Агрооскуола” ТХПК-ҕа ыанньыксыттыыр. Онон манна ыам ыйын 20 күнүттэн көһөн тахсыбыттар. Алексей Иннокентьевич окко киирээри бэлэмнэнэ бөһүөлэккэ барбыт. Кинилэр өссө агрооскуола 15 кууруссатын, 13 индюгун, хаастары көрөллөр-истэллэр. Ынах ыыр титииктэрин таһыгар бэркэ сылаанньыйбыт ньирэйдэр сыталлар, сорохтор үргэн үрүө-тараа ыстаннылар. Өссө Хатастан аҕалбыт сибиинньэлэрин аһаталлар. Ити курдук, сайылык түбүгэ бүппэт.
“Ньирэйдэри көрөрбүтүн ордоробут”
– Индюктар наһаа элбэҕи аһыыллар. Күҥҥэ үстэ-түөртэ аһатабыт. Дьиэ таһыттан олох арахпаттар. Түргэн баҕайытык улааталлар. Ол эрээри биһиги ньирэйдэри көрөрбүтүн быдан ордоробут”, – дэстилэр сиэннэрэ Ярик уонна Камила. Өссө кыра эрдэҕиттэн сайылыкка улааппыт Амелия дьиэтигэр барбыт. Бу үүттүгэннээх сайылыкка ыал ийэтэ Надежда Маркельевна ыабыт үүттэрин түһэрэн, Маҕарастааҕы арыы собуотугар сүөгэйинэн туттарар. Хата, сайылыкка уоттаах буолан абыраммыттар. Онон үүт түһэриитин туох да харгыстаабат. Муус устар ыйтан үүтүгэр таһаардахха, 6,5 т үүтү туттарбыттар.
«Индюктар наһаа элбэҕи аһыыллар. Күҥҥэ үстэ-түөртэ аһатабыт. Дьиэ таһыттан олох арахпаттар. Түргэн баҕайытык улааталлар».
Киһи үөрэ көрөрө диэн сиэттэрэ көтөрдөрүн олус үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр. Ньирэйдэри күөйэ сүүрбүт Ярик, сайылыкка электрическэй оһоххо олус минньигэс бирээнньиги астыыр Камила сайыҥҥы сынньалаҥнарын сэргэхтик атаарыыһылар. Эһээлэрэ киэһэ аайы оҕолору волейболга үөрэтэн, оонньоторун астыналлар эбит.
«Былырыын 14 т үүтү туттарбыппыт. Быйылгы былааммыт – 16 туонна. Чиирийэҕэ сайын аайы тахсан абыранабыт».
Спартак Семенов бааһынай хаһаайыстыбатыгар
Сайылыкка кэлбиччэ иккис ыалбытыгар киирэбит. Дьоҕус дьиэҕэ эмиэ оскуола оҕолорун кытта Анастасия Михайлова уонна ыалдьыттара Мария Филиппова бааллар. Нэһилиэккэ баар 33 бааһынай хаһаайыстыбаттан бу биирдэрэ – “Семенов С.С.” диэн ааттаах бааһынай хаһаайыстыба. Ыал ийэтэ Анастасия Егоровна бэтэринээр идэлээх. “Быйыл сайын этэҥҥэ курдукпут”, – диир сүөһүлэри көрөр-истэр киһи быһыытынан. Онон үрдүттэн бэтэринээрдээх буолан абыраммыттар. Спартак Семенович Маҕарастан 10-ча км сиргэ оттуохтаах. Кинилэр 10 ыанар ынаҕы, 9 ньирэйи, 8 субайы Чиирийэҕэ таһаарбыттар.
– Былырыын 14 т үүтү туттарбыппыт. Быйылгы былааммыт – 16 туонна. Чиирийэҕэ сайын аайы тахсан абыранабыт. Улахан дьоҥҥо, оҕолорго даҕаны сайылыкка тахсар үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Сарсыардааҥҥы ыаммыт 6 чаастан саҕаланар. Манна ыам ыйын 26 күнүгэр тахсыбыппыт. Сотору элбиэхпит. Федоровтар көһөн кэлиэхтэрэ. Былырыын үчүгэйдик оттообуппут, курулаатыбыт. Оттон быйыл от үүнүүтэ олох мөлтөх. “Абааһы мунньаҕын” кэнниттэн окко киириэхпит, – диир Анастасия Михайлова.
Семеновтарга Мир диэн 6-с кылааска тахсыбыт сиэн бырааттара Нөмүгүттэн, чааһынай тэрилтэҕэ харабылынан үлэлиир эдьиийдэрэ Мария Филиппова ыалдьыттыы кэлбиттэр. Давид уонна Мир туһа дьоно, суол нөҥүө баар күөлтэн бөтүөнүнэн уу таһаллар, кыракый оҕуруоттарын көрөллөр, сөтүөлээн, күнү билбэккэ аһараллар. Кэрэмэс диэн олус сымнаҕас ыт кууруссаларын кытта тэҥҥэ хаамар.
Семеновтар саас тахсыахтарыттан ыла 2 туонна үүтү ыабыттар.
Чиирийэҕэ баар “Е.Петров” ИП пилораматын таһыгар мас бөҕө кыстана сытар, уруккуттан үлэлиир эбит. Үлэһиттэр сайыҥҥы былдьаһыктаах күнү баттаһа куоракка дьиэ тута киирбиттэр.
Бу курдук сайылык ыаллара олус сэргэхтик олороллор. Сибээстэрэ баара буоллар, өссө үчүгэй буолуо эбит.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ: Женни Стрюкова
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриилэрэ, СИА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: