Салгыы
Чириков арыытын дьикти ынахтара

Чириков арыытын дьикти ынахтара

Ааптар:
05.11.2023, 12:00
Бөлөххө киир:

Биэс сыл анараа өттүгэр Еланкаҕа хаартыскаҕа түһэрэ бара сылдьыбыттаахпын. Онно Ариносовтар диэн дьаамсыктар сыдьааннара дьиэ кэргэн саха ынаҕын иитэллэрин сонургуу көрбүтүм. Кыра уҥуохтаах эрээри, модьу-таҕа оҕус, хас даҕаны ынах уонна икки мэник ньирэй киин оройуоннарга баар хороҕор ынах-сүөһүлэригээр майгыннаабат көрүҥнээх этилэрэ.

Дьиктиргээн туоһуласпыппар, “булкааһа суох саха боруода сүөһүтэ, анаан-минээн хотугу улуустан тиэйэн аҕалбыппыт” диэн дьиэлээх хаһаайка кэпсээбитэ. Хаартыскаҕа дуоһуйа түһэрэн, дьоҕус бааҥкаҕа сүөгэй атыылаһан (өстүбэһи эттэххэ, ол сүөгэй курдук минньигэс сүөгэйи кэнники амсайа иликпин) куоракка төннүбүтүм.

Еланка очуостары түһэрбит хаартыскаларбын тэҥэ, туспа “Саха сүөһүтэ” диэн ааттаан социальнай ситимнэргэ оҕус уонна ньирэйдэр хаартыскаларын таһаарбытым. Бэрт элбэх киһи сэҥээрбитэ, ырыппыта. Арай биирдэ омук паблигар репост оҥорбуттарын көрөн аахпытым. Онно маннык диэн этэ: “Саха омук “панда” ынахтара. Түҥ былыргы боруода.

Бу боруода бэрэстэбиитэллэрэ Аляска биир арыытыгар көҥүл ууһууллар”. “Панда” диэн хаартыскаҕа баар биир ньирэй “ачыкылааҕын”, оҕус хара-маҥан дьүһүннээҕин эппиттэр быһыылаах.

Аляскаҕа көҥүл мэччийэр саха ынаҕын туһунан ааҕан, биллэн турар, олуһун дьиктиргээбитим. “Тугу эрэ бутуйаллар эбэтэр омуннууллар” дии санаабытым. Кыратык хасыһан көрбүтүм, кырдьык, баар суолу кэпсээбиттэр эбит. Буолаары буолан, бу ынахтар баалларын туһунан Саха сиригэр билбиттэрэ, ырыппыттара ырааппыт эбит.

Ыраах сытар Чириков арыыта

Кадьяк архипелагар киирсэр Чириков арыыта урут Арассыыйа сирэ этэ. Бу арыыны 1741 сыллаахха Витус Беринг биир санаалаах доҕоро, сири чинчийээччи, командор Алексей Чириков арыйбыт. 1867 сыллаахха ыраахтааҕы бырабыыталыстыбата Алясканы атыылаабытын түмүгэр бу арыы АХШ бас билиитигэр киирбитэ. Бэйэтин кэмигэр Нуучча Америкатын баһыйааччылар бу арыыга тыа хаһаайыстыбатын тэрийэргэ санаммыттар. Ол курдук, 19‑с үйэ ортото бу арыыга бэрт улахан сүөһү ыстаадата тэриллибитэ биллэр. Бу хоту дойдуга биллэн турар, ынах-сүөһү төрүт харамай буолбатах, барыта кэлии кыыл. Хантан аҕалбыттарый? Бу ыйытыыга хоруйу Иккис Улуу Камчаткатааҕы эспэдииссийэ тэрээһинин устуоруйата биэрэр. Биллэрин курдук, Беринг эспэдииссийэтин тэрийэригэр Дьокуускай куораты сүрүн сигэнэр сиринэн талбыта. 10 сыл устата сыллата 6–12 тыһыынча төбө саха сылгытын таһаҕас тиэйиитигэр туһаммыта биллэр. Ону кытта эспэдииссийэ элбэх хороҕор муостааҕы атыыласпыта биллэр. 1736 сыллаахха Беринг биир дьаһалыгар маннык суруйбут: “Дьокуускайтан Охуоскайга сүөһү ыыттыбыт… отут аҕыс улахан, биэс уон сэттэ орто, сүүрбэ сэттэ кыра оҕустары, барыта холбоон сүүс сүрбэ икки; түөрт уон орто, үс кыра ынахтары, уопсайа түөрт уон үс, оҕустар уонна ынахтар уопсай сыаналара түөрт сүүс отут солкуобай…”

Үс үйэ хотоно суох

Арассыыйа дьоно Аляскаттан баралларыгар хороҕор муостаахтара сир-халлаан икки ардыгар хаалаахтаабыт. Бу дьикти устуоруйаны истибит сахалар биир бастакы ыйытыылара “Хайдах хотоно, кыстык ото суох хаалбыт сүөһү тыыннаах хаалбытай?” диэн буолар. Мин эмиэ, бастатан туран, ол дойдуга сыллааҕы килиимэт хайдаҕын көрдөөн аахтым. “Аляска” диэн сир аатын иһиттэххэ, бэйэбит курдук тыйыс айылҕалаах, эбиитин кыһын устата силлиэ тыаллаах сир курдук өйдүүбүт. Ол эрэн, Алясканы баһылаабыт нууччалар мээнэҕэ бу арыыларга тыа хаһаайыстыбатын тэриммит буолбатахтар эбит. Чириков арыытыттан 290 килэмиэтир хотугулуу-илин сытар Кадьяк арыыга (Чириков арыыта билигин киһи олорбот сирэ, онон аныгы күн-дьыл туругун кээмэйдээһин суох) салгын сылааһа сыл иһигэр –2 °C уонна 17 °C икки ардынан халбаҥныыр эбит. Муҥутуур тымныы –10 °C кыраадыска түһүөн сөп, муҥутуур куйаас 21 °C үрдүөн сөп диэн бэлиэтэммит. Онон, хороҕор муостаах бу арыыга муор-туор кэмнэрдээх да буоллар, көҥүл мэччирэҥҥэ ууһуур кыахтаах эбит.

Ыраас боруода?

Мин аҕам, Эмэлдьээн Карпов, үйэтин-сааһын тухары Чурапчы оройуонун Одьулуунугар тэриллибит Карл Маркс аатынан сопхуоска сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыта. Биригэдьииртэн саҕалаан зоотехнигынан үлэлээбитэ. Олоҕун түмүктүүр сылларыгар саамай курутуйар санаатынан саха ынаҕын боруодатын Чурапчыга харыстыыр үлэҕэ кыайтарбыта буолар. Холкуостары сопхуостарга бөдөҥсүтүү кэмигэр саха ынаҕа “кэскилэ суоҕунан” ааҕыллан ярославскай, холмогорскай боруодаларынан солбуллубуттара. Саха ынаҕа кинилэргэ холоотоххо, үс-түөрт төгүл аҕыйах үүтү биэрэрэ, синньэ ыыр аптамааттарга сөп түбэспэтэ “улахан хаһаайыстыбаҕа туһата суох” диэн уураах тахсарыгар сылтах буолбута. Аҕам бу туһунан маннык кэпсиирэ: “Тэҥнээтэххэ саха ынаҕа төһө да аҕыйах үүтү биэрэрин иһин, үүтэ быдан хойуу, арыылаах буолара биллэр этэ. Оттон кэлии ынахтар биир сезоҥҥа үчүгэй көрдөрөн баран, кыстык кэнниттэн биэрэр үүттэрэ төннөн хаалара. Ол эрэн, сэбиэскэй былаас быһаарыытын алларааттан көтүрэр кыах суоҕа. “Имири эһимиэх, кыра эспэримиэн ыстааданы хаалларыах” диэн туруорса сатаабытым да, хантан… Чурапчыга дьиҥнээх саха ынаҕа олоччу суох буолбута”.

Чириков арыытыгар баар ынах-сүөһү саха боруодатыттан төрүттээҕин учуонайдар 2010‑с сылларга бигэргэппиттэрэ. Онон кырата икки үйэ анараа өттүгэр саха ынаҕа ити арыыга тиийбит быһыылаах. Биллэн турар, Чириков арыытыгар икки үйэ анараа өттүгэр көһөрүллүбүт саха ынахтара баалларын туһунан сонун кэлбитигэр, сорох дьон “дьиҥ саха боруодатын сөргүтэргэ туһа буолуо” дии санаабыттара.

Ол эрэн, хомойуох иһин, бу чахчыттан ыраах толкуй. Генетика анаалыһа этэринэн, бу сүөһүнү тупсара сатаабыттара көстөр. Кыра да буоллар герефорд, ангус уонна шотландскай ынах-сүөһү хаанын булкааһа баара бигэргэммит чахчы.

Туспа боруода!

Америка хотугу арыыларыгар хаалбыт сүөһү туспа мөккүөр төрүөтэ буолбут. Ынах бөдөҥ харамай, арыы курдук бүтэй экэ-систиэмэҕэ улахан урусхаллаах уларыйыыны киллэрэр. Мэччийэр сирдэригэр от-мас састааба уларыйан, онтон сылтаан төрүт харамайдар аһыыр ресурстара сүтүөн сөп. Ол иһин 20 үйэ ортото хотугу арыыларга хаалбыт сүөһүнү имири эһэр туһунан дьаһал тахсыбыт. Онтон 80‑с сылларга бу ынах-сүөһү туспа боруода буолбутун дакаастыыр, эһиэхтээҕэр харыстыыр туһунан туруорсар хайысха үөскээбит. Тымныыны тулуйумтуо, ханнык да боруодаҕа майгыннаабат ураты сүөһүнү туспа “алеутскай боруода” диэн билинэр туһунан туруорсуу үөскээбит. Билигин научнай эйгэҕэ сорох чинчийээччилэр ынах алеутскай боруодатын туспа арааран ааттыыллар. Онон, саха ынаҕар уруу боруода ынах-сүөһү Кадьяк архипелагар баар диэххэ сөп.

+1
10
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: