Хаартыска уонна видео -- Петр Догоюсов тиксэриитэ
Быйылгы сыл Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр Үлэ сылынан биллэриллибитэ.
Бу күннэргэ сыл аайы ыытыллар тэрээһини саҥалыы тыыннаан, олохтоох дьаһалта сопхуос саҕанааҕы үлэһиттэри, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор үлэ бэтэрээннэрин түмэн, » Сайыны көрсүү» дьоро бырааһынньыгын тэрийдэ.
— Нэһилиэкпит булчуттара бу күҥҥэ анаан сааскы бастакы куһу, сибиэһэй балыгы бэрсэн, дьоммутун минньигэс миининэн күндүлээн үөртүбүт.
Кусчут уонна балыксыт дьоммутугар, түгэнинэн туһанан, истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Дьоммутугар миин үс көрүҥүн (буотарах, кус, балык) амсаттыыбыт!
И.М.Гоголев -Кындыл түмэлин үлэһиттэрэ араас остуол оонньуутун оонньотон, дьоммут араас бириистэргэ тиксэн, бэтэрээннэр бары илии тутуурдаах бардылар.
Далбар хотуттарга кулууп кэлэктиибэ оҕуруот аһын арассаадатын бэлэх уунна.
Чочуттан уонна Кыадаҥдаттан 40-ча бэтэрээн кэлэн сынньанан, үөрэн-көтөн бардылар, — диэн санаатын үллэһиннэ нэһилиэк баһылыга Петр Догоюсов.
Үлэ сылыгар дойдуларын туһугар сыраларын биэрэн туран үлэлээбит дьоҥҥо тустаах болҕомто баара үчүгэй.
Хаартыскалары олохтоох дьаһалта баһылыга Петр Догоюсов тиксэрдэ.
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…
Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ…
Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…