Хаартыска: Ил Дархан телеграм-ханаалыттан
Ил Дархан Айсен Николаев Чокуурдаахха оробуочай сырыытын кэмигэр байыаннай сулууспалаах Алексей Березкин дьиэ кэргэнигэр сырытта. Бу туһунан Ил Дархан телеграмм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Алексей ийэтэ Лидия Ильинична уолун туһунан киэн туттунуулаахтык кэпсээтэ. Кини элбэх мэтээллээх бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, Чокуурдаах бөһүөлэктээҕи сэбиэтин депутата, олохтоох хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын уонна бойобуой дьайыыга сылдьыбыт бэтэрээннэр ассоциацияларын чилиэнэ. Үлэҕэ-хамнаска, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх киһи. Байыаннай дьайыы саҕаламмытын кэнниттэн Алексей төрөөбүт дойдутун көмүскүү барбыта», — диэн Айсен Николаев суруйда.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Алексей дьиэ кэргэнигэр дойду, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн бары көмө оҥоһуллар.
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…
Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…