Ил Дархан Айсен Николаев Аллайыаха улууһугар командировкатын кэмигэр «Саханефтегазсбыт» АХ филиалын үлэтин уонна Чокуурдаах нефтебаазатын саҥардыы былаанын кытта билистэ.
Манна ньиэп бородууктатын харайар резервуардар саҕардыллыахтара, насостуур технологическай оборудованиелар, технологическай турба ситимнэрэ, автоматизация тиһигэ, баһаарынай эбийиэктэр уларытыллыахтара, итиэннэ көмө дьиэлэри уонна тутуулары саҥардыы былааннанар. Маны таһынан административнай куорпус, хочуолунай, гараж, тымныы ыскылааттар, ньиэп турбаларын тутуу, причалтан нефтебазааҕа диэри тутар технологическай турба тутууларын саҥардар, сырдатар санаалаахтар. Сирин-уотун күрүөтэ-заһаата, уотун ситимэ уонна нефтебааза атын эбийиэктэрин уларытыы күүтүллэр.
«2023 сылга «Саханефтегазсбыт» АХ Чокуурдаах нефтебаазатын филиалын хапытаалынай тутуутун бырайыагын оҥоруу сорудаҕа бэриллибитэ. Үбүлээһинин боппуруоһа ситиһиилээхтик быһаарылыннаҕына, 2027 сылтан саҥардан тутуута саҕаланыа. Бырайыагы олоххо киллэрии 5,7 млрд солк. суумаҕа сыаналанар», — диэн «Саханефтегазсбыт» АХ генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев иһитиннэрдэ. Бөдөҥ тэрилтэ салайааччыта этэринэн, саҥардыы үлэтэ түмүктэннэҕинэ ньиэп бары суортарынан бородуукталарын сыллааҕы таһаҕаһы тиэйии-таһыы кээмэйэ 27 тыһыынча кубометрга тиийиэҕэ.
Кини 2024 сыллааҕы навигация кэмигэр ньиэп бородууктатын таһыы үчүгэй тэтиминэн барарын иһитиннэрдэ. Атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи туругунан «Саханефтегазсбыт» АХ былаанын 77% толордо.
«146 150 туонна ньиэп бородууктатын тиэйиигэ былааннаммытыттан, тэрилтэ 111 938 туонна ньиэп бородууктатын тиэйдэ. Итинтэн Хотугу муора суолунан 20 835 туонна таһаҕаһы тиэйии былааннаммыттан барыта кэриэтэ тиэрдиллибит. Ньиэп бородууктатын тиэйии былаана 96% толоруллубут, ол эбэтэр Арктика өрүстэринэн навигацияҕа былааннаммыт 13 360 туоннаттан 12 792 туонната тиэрдиллибит», — диэн кэпсээтэ «Саханефтегазсбыт» АХ генеральнай дириэктэрэ.
Санатан эттэххэ, «Якутнефтегазсбыт» судаарыстыбаннай тэрилтэ баазатыгар «Саханефтегазсбыт» АХ тэриллэн ньиэп бородууктатын хааччыйыы салаатыгар 20-тэн тахса сыл үлэлиир уонна өрөспүүбүлүкэ наадыйыытын 20 %-нын хааччыйыыга стратегическай суолталаах бородууксуйанан хааччыйар. «Саханефтегазсбыт» АХ — бу өрөспүүбүлүкэҕэ баар 19 нефтебаазаҕа, 99 сапыраапка ыстаансыйаҕа кууһунан уонна биирдиилээн атыы-эргиэн тиһигэ. Хампаанньа уматык сапыраапкаларын уонна бензовозтар автопааркатын бас билэр.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…