Салгыы
Чокуурдаахха саҥа дьиэ дьэндэйдэ

Чокуурдаахха саҥа дьиэ дьэндэйдэ

Ааптар:
08.01.2024, 15:45
Хаартыска улуус дьаһалтатын саайтыттан
Бөлөххө киир:

Саҥа сыл Аллайыаха олохтоохторугар үөрүүлээх сонунунан саҕаланна.

Ол курдук, күүтүүлээх Саҥа дьылы көрсө, өссө биир умнуллубат үөрүүлээх уонна эмиэ күүтүүлээх тэрээһин буолла. Бу туһунан улуус дьаһалтатын саайтыгар суруллар.

Ахсынньы 27 күнүгэр уон үс ыалга үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа кыбартыыралар күлүүстэрэ туттарыллыбыттар. Бу элбэх кыбартыыралаах дьиэ хаарбахтан саҥаҕа көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн тутуллубут. Тутааччы — «Лидер» КСК. Маныаха бырагырааманан бу иккис дьиэ буоларын бэлиэтииллэр.

Тэрээһин Максим Ильич Дуткин алгыһынан саҕаламмыт. Саҥа кыбартыыралар хаһаайыттарыгар истиҥ эҕэрдэлэрин Аллайыаха  улууһун баһылыга Яков Гаврильевич Елисеев, Чокуурдаах бөһүөлэгин баһылыга Рустан Нафикович Шагобеев уонна тутуу хампаанньатыттан бэрэстэбиитэл Дуткин Евгений Абрамович тиэрдибиттэр.

Аллайыаха улууһун дьаһалтатын саайтыттан

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: