Салгыы
Чокуур Гаврильев: “Саха сирэ ураты болҕомтоҕо сылдьар»

Чокуур Гаврильев: “Саха сирэ ураты болҕомтоҕо сылдьар»

23.12.2023, 09:00
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ
Бөлөххө киир:
Атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо…

Быйылгы Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ уонна быһа эпиир бииргэ ыытыллыбыт буолан, суруналыыстар икки төгүл аҕыйахтар. Баҕар ол иһин буолуо, арыый бэрээдэктэммиттэр дуу диэн санаан ыллым. Уонтан тахса сыллааҕыта эмиэ бу Көстүүнэйгэ (Гостиный двор) өссө “Саха” НКИХ үлэлии сылдьан кыттан турабын. Онон быйылгы тэрээһин туох уратылааҕын билиһиннэрэргэ сананным.

Уһун уочарат

Москубаҕа халлаан сы­­лаас эрээри, тыала хаҕыс. Тиийиэхтээх сирбитин суолун-ииһин бүөлээннэр, метроттан тахсаат, икки төгүл полиция кордонун ааһан, уочарат түгэҕин буллум. Бэҕэһээ ПЦР туттарарга бэрт түргэнник аһардыбыт буоллахтарына, манна балайда бытааннык сыҕарыйдыбыт. Халҕаһалыы анньыбыт суруналыыстары биир-биир тимир араамка нөҥүө аһардан, дьэҥдьийдилэр. Уһун уочарат биир төрүөтэ – анаалыспыт түмүгэ эбит. Роспотребнадзор үлэһиттэрэ кумааҕы быыһыттан ааппытын-суолбутун ыйытан, көрдөөн булаллар.

Киирэн истэхпинэ, биир үөрбүт-көппүт сэмэй эдэркээн харабыл уолчаан сахалыы таҥаспын интэриэһиргээн: “Хантан бу маннык куурканы ыллыҥ?» – диэн ыйыппытыгар,  таһырдьа кэтэр соммун ыйытта диэн хап-сабар “маҕаһыынтан” диибин.

Владимир Путин быһа эпиирин Саха сирин бырабыыталыстыбатын отчуотугар майгыннаттым. Мөлүйүөнүнэн туруорсуу, ыйытыы, баҕа санаа киирэр. Былаас ону барытын хонтуруолга ылар, бар дьон туһугар үлэтин салгыыр.
Саха таҥаһа

Быйылгы пресс-кэмпи­риэнсийэ кыттыылаахтара суруналыыс, “Саха” НКИХ салайааччыта Олег Марков, Улусмедиа кылаабынай эрэдээктэрэ Юлия Филиппова уонна мин эрдэттэн сүбэлэһэн баран, сахалыы таҥнан тиийбиппит. Биир курдук, саха сахатынан кэрэ. Иккис курдук, ыраахтан көстүмтүө буолаары. Чахчы даҕаны, киирээппитин кытта биир идэлээхтэрбит, “Звезда”, “Известия”, “Матч” теле-ханааллар суруналыыстара саба сырсан кэлэн, интервью ыллылар, кэмэнтээрий хомуйдулар, тугу ыйытаары оҥосторбутун туоһуластылар.

Биһиги сахалыы таҥаспытын ыһыахха, улахан өрөгөй күннэргэ кэтэрбитин кэпсээтибит. «Бүгүн эмиэ бырааһынньык», — диэн Олег Олегович мүчүк гынар. Манна диэн эттэххэ, калмыктар эмиэ бэйэлэрин таҥастарын таҥныбыттар, татаар уола тюбетейка­лаах, башкир түүлээх бэргэһэлээх. Модун Арассыыйаҕа араас омук олороро итиннэ көстөр.

Ким хайдах сатыырынан

Биллэн турар, сүрүн сорукпут – дойдубут Аҕа баһылыгар  ыйытыы биэрээри илин-кэлин түсүһүү.

Бастатан туран, инники кэккэҕэ олбох былдьаһабыт. Син эрдэ кэлэн, сэттис эрээккэ үһүөн олорон кэбистибит. Бэрэсидьиэн пресс-сэкирээтэрин хаҥас илиитин туһаайыытынан ордук буолуо диэн бы­­лааннанныбыт, эрэх-турах сананныбыт.

Иккиһинэн, сурукпут-бичикпит ыраахтан көстүөхтээх этэ. Этэргэ дылы, хантан хааннаахпытын Песков тута билиэх­тээх. Быйыл улахан тэллэх саҕа былакааттары көҥүллээбэтэхтэрэ. Сорох ку­мааҕы хайытан, онно суруйан муҥнаммыт, сорох төлөпүөнүн экраныгар суруммут. Мин тэрилтэм, хаһыаттарым ааттарын өссө Дьокуускайтан илдьэ кэлбитим. Оттон Олег Олеговичка Бастайааннай бэрэс­тэбиитэлистибэҕэ «Азия оҕолоро» диэн былакаат туттарбыттара. Олимпиадаҕа сүгүн-саҕын сырытыннарбат кэмнэригэр, биһиги «Азия оҕолоро» оонньуубутунан куоһурданабыт.

Үсүһүнэн, дьэ, ньоҕойдоһон, ардыгар хаһыытаан да ыйытыахтааххын. Хата, Олег, саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой диэбиккэ дылы, утугар-хаарыгар киирэн, хаста да ойон тура сырытта, үөгүлээтэ.

Иннибитигэр олорооччу серб кыыһа улахан былакаатын тэлимнэтэн, быыстала суох өрө уунан, тэлэбиидэнньэ үлэһиттэриттэн кыратык сэмэлэннэ. Кыыспыт кэлин тиһэҕэр букатын да кыһыл былаатын устан далбаатаан барда. Песков киһи эрэ буоллар, киниэхэ ыйытыыны бэрдэрдэ.

Онтон, бэйэбит ыккардыгар кыл мүччү диибит, ыйытыыбыт өссө биирдэ атын дьоҥҥо халыйан хаалла. “Песков адьас биһиэхэ биэрэн истэҕинэ, ити бурят кыыһа быһа түстэ быһыылаах” дэһэбит. Абарбыт иһин хайыаҥый? Путин даҕаны, Песков даҕаны, “Дети Азии” былакаат­таах, сахалыы таҥастаах сурунаалыстар хантан сылдьарбытын биллэхтэрэ. Дьиҥэр, аан дойдуга, Арассыыйаҕа аатырбыт оонньуубутунан сылтанан, кэккэ атын боппуруоһу туруорсуох­таах этибит. Табыллыбыта буоллар, Бэрэсидьиэни аны сайын ыҥырыахтаах уонна доруобуйа харыстабылыгар каадырдары бэлэмнээһини туруорсуохтаах этибит. Итинник курдук боппуруоһу, ол иһигэр быраастар тиийбэттэр диэн, ДНӨ бэрэстэбиитэлэ ыйытан турар.

Сатаммата, ол да буоллар, санаабытын түһэрбэтибит.

Күргэбит күөх экраҥҥа

Быһа эпиир тэрийээччилэрэ түөрт чааска барытын симэ сатаабыттара көстөр. Биир курдук, дьону-сэргэни кытары кэпсэтии ыытыахтарын наада. Иккис курдук, ыҥырбыт суруналыыстара эмиэ ыйытан баран кэлээр диэбит дьон. Аны дьонтон киирбит ыйытыылары үс экрааҥҥа утуу-субуу таһаа­раллар эбит. Онно миграция курдук сытыы боппуруос­тары таһаараллар. Сорохтор сыһыана суох ыйытыылары ыыппыттар быһыылаах. Холобура, били, ааспыт үйэҕэ Свердловскай уобаласка сүппүт Дятлов туристарын бөлөҕүн туһунан эҥин.

Олег Марков имнэммитигэр кэннибин хайыһан көрбүтүм, улахан экраҥҥа “Өлүөнэҕэ эрэннэрбит күргэҕит ханна баарый?” диэн ыйытыы суруллубут. Владимир Путин сирэ­йин иннигэр турар суругу аахпыт буолуохтаах. Муоста туһунан 2018 сыллаахха Александр Ильин диэн «Якутия» хаһыат суруналыыһа ыйытыы биэрэн турар. Оччолорго дойдубут Аҕа баһылыга ити Өлүөнэ күргэтэ экэниэмикэ өттүнэн төһө көдьүүстээҕин саарбахтыыр курдук этэ. Билэргит курдук, Ил Дархаммыт Айсен Николаев туруорсан, федеральнай миниис­тирдэр иннилэрин ылан, Уһук Илиҥҥэ уонна дойдубут хотугулуу-илиҥҥи өттө сайдыытыгар туһалааҕын дакаас­таан, билигин федеральнай бүддьүөккэ үп көрүллэн турар. Онон күргэбит тутулларыгар букатын саарбахтаабаппыт.

Биир бэйэм, иккис боппуруос быһыытынан Арктикаҕа түргэн интэриниэти туруорсуохтаах этим. Урут үлэлээбит министиэристибэм үлэһиттэрэ көрдөспүттэрэ. Дьиҥэр эттэххэ, Владимир Путин бу сайыҥҥы боротокуолугар 2027 сылга диэри бүтүөхтээх “Арктика синергията” бырайыак киирэ сылдьар. Үбүлээһинин федеральнай бырабыыталыстыба быһаарыах тустаах.

Түмүккэ

Атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, Саха сирин туруорсуулара барыта болҕомтоҕо сылдьаллар. Владимир Путин кэккэ  быһаарыылара, дьаһаллара тахсыбыттара. Уһук Илиҥҥэ суох Кардиология кииннээхпит уонна  Онкология киинэ  үлэҕэ киирээри турар. Сыллата суол-иис, дьиэ-уот бөҕөтө тутуллар, оскуолалар, сабыс-саҥа кулууптар, балыыһалар дьэндэһэллэр. Бу кэннэ хайдах куруук илиибитин ууммутунан сылдьыахпытый? Оннооҕор буолуох эрэгийиэннэр кыһалҕаларын иһиттигит, биллигит-көрдүгүт ини. Былааннары олоххо киллэриэх, үлэлиэх, үлэлэтиэх тустаахпыт.

Тахсан истэхпитинэ, «Известия» ханаал суруналыыстара эмиэ үүйэ-хаайа туттулар. Ыйытыы биэрбэтэхпититтэн хомолтобутун биллэрдим уонна кэнэҕэс быһа эпиири пресс-кэмпириэнсийэни кытары холбооботторо буоллар, «Сылга иккитэ туспа-туспа буолуон наада» диэтим. Владимир Путин быһа эпиирин Саха сирин бырабыыталыстыбатын отчуотугар майгыннаттым. Мөлүйүөнүнэн туруорсуу, ыйытыы, баҕа санаа киирэр. Былаас ону барытын хонтуруолга ылар, бар дьон туһугар үлэтин салгыыр.

Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: