Чокуур Гаврильев: «Уон сыл устата балысхан үлэ барбыт»

Share

«Сахамедиа» информационнай-издательскай холдинг” 10 сылынан сибээстээн уопсастыба генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, ХИФУ суруналыыстыка факультетын преподавателэ, политолог, суруналыыс Чокуур Николаевич Гаврильевы кытта кэпсэтэбит.

УЛАРЫЙЫЫЛААХ УОН СЫЛ УСТАТА

– Чокуур Николаевич, бэчээт эйгэтигэр аныгы технологиялары туһаныыны, интэриниэт ситимигэр – сыыппараҕа көһөн үлэлээһини, саҥа улары­йыылары киллэ­риини чаҕыйбакка салайсан кэллиҥ. Дьэ, быйыл «Сахамедиа» холдинг тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтиир кэмҥэ ити үлэҕит суолтатын уонна ситиһиилэрин туох дии саныыгын?

– «Сахамедиа» холдинг 10 сылын билигин анааран көрдөххө, балысхан үлэ барбыт. Бэчээт эйгэтин сыыппараҕа көһөрүү бастакы түһүмэҕин саҕалаабыт, суруналыыстыкаҕа тосту уларыйыыны тэрийбит салайааччы, оччолорго генеральнай дириэктэр Кирилл Алексеев оруола улахан.

«Сахамедиа» холдинг саҥар­дыы тэриллэрин саҕана, 2012 сыллаахха тэлэбиидэнньэттэн “Саха сирэ” хаһыакка кэлэрбэр, сонуннары тарҕатар судаарыстыбаннай сириэсти­бэлэргэ аныгы технологиялары туһаныы, сыыппараҕа киирии, далааһыннаах уларыта тутуу хамсааһына саҥа саҕаланан эрэрэ. Биһиги бу үлэ аныгы кэмҥэ суолтатын тута өйдөөммүт, хамсааһыҥҥа тэҥҥэ үктэһэн, аҥаардас хаһыат таһаа­рыытынан эрэ буолбакка, интэриниэт саайтары, социальнай ситимнэри тэрийэн, сонуннарбытын онно киллэрэн үлэлиири туруорсубуппут.

Маҥнай хаһыаппыт тэллэх саҕа улахан А2 көрүҥүнэн нэдиэлэҕэ биэстэ тахсара. Ону сыыйа уларытан, нэдиэ­лэҕэ үстэ тахсар буола сылдьыбыппыт. Ол, мин санаабар, саамай табыгастаах этэ. Оптуорунньукка – куораттарга аналлаах хаһыат, чэппиэргэ – халыҥ хаһыат уонна субуо­таҕа улуус хаһыаттарын кытта бииргэ тарҕанар хаһыат та­­һаарарбыт, «Эдэр саас.ру» диэн сахалыы аан маҥнайгы саайт тэрийбиппит. Оччолорго саайт аҕыйах нэдиэлэ иһинэн бастыҥ саайтар кэккэлэригэр киирбититтэн бэйэбит да соһуйбуппут. Чааһынай хаһыаттар, суруналыыстар көрсүһүүлэригэр бу саайтпытыгар, бэл, “Прорыв года” диэн дьупулуому туттаран тураллар. Сыыппараҕа үлэлээһиҥҥэ бу саайт – ситиһиибит “бастакы хараҥаччыта” этэ.

2015 с. Бэчээт дьиэтигэр тэриллибит медиа-киин билигин араас пресс-кэмпириэнсийэлэр, төгүрүк остуоллар, мунньахтар уо.д.а. ыытыллар мульти-медиа кииҥҥэ кубулуйан, Уралтан бэтэрээ өттүгэр суох Медиа-киин буолар. Уопсайынан, Саха сирин саха тыллаах суруналыыстыката атын эрэгийиэннэргэ холоо­тоххо, инники күөҥҥэ сылдьар.

КЭЛЭКТИИППИТ ХАҺЫАТЫНАН ЭРЭ МУҤУРДАММАТ

– «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара аҥаардас хаһыаты эрэ таһаарбаппыт…

– Чахчы оннук. Былырыын «Саха сирэ» хаһыат эрэдээк­сийэтигэр кылаабынай эрэдээктэринэн ананан кэлэн, кэлэктиип дьулуурунан «Саха сирэ» диэн өссө биир сахалыы саайты балаҕан ыйын 27 күнүттэн арыйан үлэлэттибит. Кылгас кэм иһигэр саамай элбэхтик ааҕыллар интэри­ниэт саайт буолла. Билигин Саха сиригэр тахсар сонуну киэҥник тарҕатааччылар ортолоругар Саха информационнай ааҕыныстыба (ЯСИА) бастакы миэстэҕэ, онтон “Саха сирэ” хаһыат, сахалыы тыллаах саайтарга “Эдэр саас.ру” саайт уонна “Якутия” хаһыат “Якутия Дейли.ру” саайта инники күөҥҥэ сылдьаллар.

Төрөөбүт тыл норуот инники кэскилигэр, култуурата, духуобунаһа сайдарыгар улахан оруоллааҕын билэбин. Ол иһин, итиэннэ Ил Дархаммыт Айсен Николаев тылга болҕомто уурар дьаһалыгар сөп түбэһиннэрэн, быйыл олунньу 13 күнүгэр атын сахалыы саайтары, сахалыы араас матыры­йааллары барытын биир сиргэ түмэр “Көрдөө.ру.” диэн аат­таах саайты (поисковик) оҥорон сүрэхтээтибит.

Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар анаан биэстэн элбэх оҕолоох 100 ийэҕэ кинигэ таһаардыбыт. Куонкурус биллэрэммит, «Эргиллиэм, кыа­йыы көтөллөөх!» диэн хомуурунньук кинигэҕэ норуот айар дьоҕурдаахтарын хоһооннорун түмэн таһааран, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуннарбытыгар ыыппыппыт. “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов көҕүлээһининэн байыаннай кэрэспэдьиэннэри Грознай куоракка үөрэттэрэн, кинилэр хаста да баран Саха сирин буойуннара байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыыларын туһунан суруйан, устан кэллилэр.

Кумааҕы эрэ хаһыат тахсар кэмигэр тэҥнэммэт быдан үгүс үлэлээх, аҕыйах үлэһиттээх эрэдээксийэ кэлэктиибэ хаһыаты таһаарарын таһынан интэриниэккэ, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа көрүҥнэринэн социальнай ситимнэргэ, телеграм-ханаалларга аудио-видео хайысхаларынан мультимедийнэй технологиялары дэгиттэр баһылаабыт суруналыыстардаах, мультимедийнэй хайысхалаах сонуннары киэҥник тарҕатар аныгы тэрилтэҕэ кубулуйан үлэлии-хамсыы олорор. Ситиһии “бастакы хараҥаччытын” кэнниттэн дьэ бу маннык балысхан хардыылар оҥоһулуннулар.

Ити барыта “Саха сирэ” хаһыат дьоҕус кэлэктиибин сайдыыга дьулуурунан, күүрээннээх күүстээх үлэтинэн ситиһилиннэ. Кэлэктиип Саха сирин нэһилиэнньэтэ эрэ буол­бакка, Арассыыйа, аан дойду ханнык баҕарар муннугуттан саха тыллаах дьон кырдьык­таах сонуннары тиһигин быспакка ааҕа, билэ олороругар табыгас­таах кыахтары үөскэттэ. Бу – улахан ситиһии.

ӨЙӨБҮЛ БАҺААМ

– Оттон улуустар хаһыаттарын, чааһынай хаһыаттары кытта үлэлээһиҥҥэ тугу бэлиэтиэххэ сөбүй?

– СӨ Инновацияҕа, сыыппараҕа киириини сайыннарыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэрис­тибэтигэр 2017-2020 сс. үлэ­лиир­бэр өрөспүүбүлүкэ сонуннары тарҕатыыга үлэлиир тэрилтэлэрэ сыыппараҕа уонна саҥа технология­ларга көһүүлэрин сүрүннүүр үлэни ыыппыппыт. Ол курдук, улуус бары хаһыаттарын биир сиргэ мунньан таһаарар “Улус Медиа” диэн саайты миниис­тир Александр Борисовтыын көҕүлээммит тэрийбиппит. Улуус хаһыаттарыгар “иккис тыыны” биэрбит саайт билигин салгыы сайдан, интэриниэккэ таһаарыы араас көрүҥүнэн айымньылаахтык үлэлиир.

Бу үлэбитин сэргэ биһиги сонуннарга үлэлиир чааһынай тэрилтэлэри өйөөбүппүт. Чааһынай хаһыаттар, саайтар судаарыстыбаҕа, нэһилиэн­ньэҕэ наадалаах социальнай хайысхалары сырдаталларын, болҕомтону ууралларын туһугар судаарыстыбаннай грант докумуоннарын бэлэмнээн, үлэлиир хайысхаларын уонна грант харчытын элбэтэн биэрбиппит. Саха дьоно биир сэргээн ааҕар «Кыым» хаһыатыгар судаарыстыбаннай субсидия өйөбүлүн оҥорбуппут. Оччотооҕу миниистир А.И. Борисов өйөөһүнүнэн ылыллыбыт быһаарыынан билигин чааһынайдарга сыл аайы 12 мөл. солкуобай кэриҥэ өйөбүл көрүллэр. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин аныгы үйэ ирдэбилинэн уларыта тутуу төрдүгэр-төбөтүгэр турбут дьону кытта бииргэ үлэлээһиммит, аныгы сайдыыттан хаалбат хамсаныылары таһаарыыбыт – үлэм, олоҕум умнуллубат биир ситиһиитэ.

– Ил Түмэн пресс-сулууспатыгар үлэҥ тус сайдыыгар туох саҥаны биэрдэ дии саныыгын?

– Бу үлэ дьокутааттар үлэлэрин сырдатыы эрэ буолбатах. Ханнык сокуоннар тоҕо ылыллыахтаахтарын, онно үлэ хайдах быһыылаахтык барарын сырдатар сыаллаах үлэ. Парламеҥҥа мээнэ киһи дьокутаатынан талыллыбат, дьон бастыҥа талыллар. Баһылаабыт хайысхаларыгар тус уопут­таах, кыахтаах уонна талааннаах дьоннор үлэлии сылдьаллар. Ситэриилээх былаас уонна Ил Түмэн өйөһөн, биир сомоҕо үлэлээтэхтэринэ ситиһии буолара чахчы.

Түгэнинэн туһанан, норуот дьокутааттарын барыллаан куоластааһыныгар pg.er.ru саайт нөҥүө көхтөөхтүк кыттарга ыҥырабын.

САХА ТЫЛЫН КЭСКИЛЭ

– Суруналыыстары үөрэ­тэр преподаватель уонна саха тылын чинчийэр аспирант быһыытынан үлэҥ чопчу хайысхата тугуй?

– Сүрүн үлэбин сэргэ ХИФУ-га суруналыыстары үөрэтэбин уонна социология хаапыдаратыгар аспирантураҕа үөрэнэбин. Дьон сахалыы хаһыат, сурунаал, сахалыы ТВ сонуннарын көрөр-истэр, ааҕар кэскилэ хайдах буолуой диэн боппуруо­һу анаан-минээн чинчийэбин. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, дьон төһө да нууччалыы сонуннары аахтар, иһиттэр, син биир сахалыыга наадыйар уонна ордорор. Ааспыт күһүн, бу саайт аһыллаатын кытта, дьон ордук байыаннай эпэрээссийэҕэ сыһыаннаах сонуннары күүскэ көрөрө, ааҕара көстүбүтэ. Судаарыстыба быһаа­рыыларын, былаас тугу сүбэлиирин, дьон тугу этинэрин тириэрдэргэ «Саха сирэ» үлэлэһэр. Аны суруллубут – суоруллубат дииллэринии, устуоруйа кэрэһитэ буолабыт. Түгэнинэн туһанан, чэпчэтии­лээх сурутууну кэмигэр мүччү туппакка, сурутаргытыгар ыҥырабын. Биир идэлээхтэрбин, суруналыыстары тэрилтэбит 10 сылынан эҕэрдэлиибин, ситиһиини баҕарабын.

Елена ИВАНОВА.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

5 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

20 минут ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

50 минут ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

1 час ago
  • Сонуннар

Бары хайысхаҕа хаачыстыба уонна эппиэтинэс баар буолуохтааҕа ирдэннэ

Суруналыыстар байыаннай дьайыыттан саҕалаан Ил Дархан Тымныы Оҕонньору хас сааһыгар диэри кэтэспитин ыйыттылар. Айсен Николаев…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

12 саастаах Амелия Новикова баҕа санаатын Ил Дархан толордо

Ил Дархан Айсен Николаев 12 саастаах Амелия Новикова суругун тутан, кыысчаан улахан баҕа санаатын толорбутун…

2 часа ago