Чокуурдаах оскуолата бу үөрэх дьылыгар үлэтин саҥа оскуолаҕа саҕалыаҕа

Share

Айсен Николаев Чокуурдаах оскуолатыгар сырытта. Сыл саҥатыгар оскуола саҥа дьиэҕэ көспүтэ. Хас да сыллаах тутуу Ил Дархан Аллайыаха улууһугар эрдэ командировкаҕа сырыытын кэмигэр биэрбит сорудаҕынан түмүктэннэ.

Бу иннинэ үрдүкү кылаас оҕолоро 1980-с сылларга тутуллубут мас, икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ үөрэммиттэрэ. Саахалланар туруктааҕа биллибитэ. Дьиэ аҥаарын кэтээн көрөр уорганнар ирдэбиллэринэн саппыттара. Успуорт дьарыктар бөһүөлэк успуордун саалатыгар ыытыллаллара.

Саҥа оскуола тутуута өссө 2014 сыллаахха саҕаламмыта, ол эрээри, бэдэрээтчиттэр моҥкуруут баран тохтообута. Тутууну 2020 сыллаахха “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак уонна өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматын иитинэн сөргүппүттэрэ итиэннэ бу сыл муус устарыттан оҕолор аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир саҥа оскуолаҕа үөрэнэн саҕалаабыттара.

“Чокуурдаах оскуолата хас да сыл тутулунна. Маҥнай бырайыактааһыҥҥа уустуктардааҕа, онтон тутуутугар. Биллэн турар, эрдэтээҥҥи оскуоланы кытта тэҥниир табыллыбат. Оҕолор билигин букатын атын усулуобуйаҕа үөрэнэллэр”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Ил Дархан сылааһынан хааччыйыы кыһалҕатын киллэрэн туран, дьиэ үлэҕэ киирбитин кэннэ булуллубут итэҕэстэри, мэктиэлиир эбээһинэс быһыытынан туоратарга дьаһайда.

Икки мэндиэмэннээх, 5 тыһ. кв.м. кэриҥэ иэннээх оскуола 275 үөрэнээччигэ суоттанар. Оскуола успуорт саалалаах, тэрилинэн хааччыллыбыт киэҥ-куоҥ үөрэнэр хостордоох.

Күн бүгүн оскуолаҕа 270 оҕо үөрэнэр. Быйыл маҥнайгы кылааска 19 оҕо киирэр. Улахан кылаас оҕолорун үөрэх былаанынан икки хайысханан үөрэтиэхтэрэ. Социальнай-экэнэмиичэскэй хайысханан математика уонна обществознание биридимиэттэрин чиҥэтэн үөрэтиэхтэрэ. Универсальнай хайысханан оскуола информатика, математика биридимиэттэрин чиҥэтэн үөрэтиини талбыт.

Чокуурдаах оскуолата летопиһы суруйааччы, Арктика кыраайы үөрэтээччитэ Алексей Чикачев аатын сүгэр.

Хаартыска: Андрей Сорокин.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago